Бүгүн саха литературатын айымньыларыгар уонна уос номоҕор киирбит Гражданскай сэрии биллэр личностарын мөссүөннэрин илэ көрдөрөр «Тупсуу дьүһүлгэнэ» хаартыска быыстапката Хомус аан дойдутааҕы киинигэр уонна музейыгар арылынна. Бу сонун бырайыагы СӨ культураҕа нэһилиэстибэтин объектарын харыстабылыгар департамена, «Чолбон» уус-уран литература сурунаала уонна Хомус аан дойдутааҕы киинэ уонна музейа кыттыһан олоххо киллэрдилэр.
Үйэ кэриҥэ кэм анараа өттүгэр Саха сирин олохтоохторун икки аҥы араарбыт будулҕаҥҥа кыттыспыт бэлиэ дьон хаартыскаларын түмүүнэн Хомус музейын үлэһитэ, кыраайы үөрэтээччи Станислав Афанасьев утумнаахтык дьарыктанар. Быыстапкаҕа аан бастаан “Чолбон” сурунаалга бэчээттэммит сэдэх хаартыскалар, ол иһигэр ВЯОНУ народнай армиятын командующайа В.А. Коробейниковтаах бөлөҕүнэн түспүттэрэ киирбиттэр.

— Биһиэхэ маннык хаартыска быыстапката тэриллибитэ наһаа кэрэхсэбиллээх, хаһан да буолбатах тэрээһин. Гражданскай сэрии – трагедия, ону хайа өттүнэн көрөргүттэн сыанабыл, сыһыан уларыйа турар… Кыһыллар уонна үрүҥнэр диэн хайдыһыы ким тугу көмүскээбитэй диэн ыйытыыттан сиэттэрэн син биир тахса туруо. Арай биирдиилээн киһи дьылҕатын нөҥүө көрдөхпүтүнэ эрэ атын хартыына тахсан кэлиэ, оччоҕо эрэ кинилэри сөпкө өйдүөхпүтүн сөп. Саҥа көлүөнэ дьон быыстапканы көрөн гражданскай сэрии кыттыылаахтарын туһунан бэйэтигэр туспа түмүк санаа оҥостуо.
Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна музейын президенэ, филология наукатын доктора Иван Алексеев-Хомус Уйбаан:
— История салаатын бастакы куурус устудьуона Станислав Афанасьев өр сылларга мунньан, чинчийэн булбут матырыйаалларынан оҥоһуллубут быыстапката өрөспүүбүлүкэҕэ улахан суолталаах. Былырыын мин таайым туһунан олох чахчытын булан тилиннэрбитин кэрэхсии истибитим. Бу быыстапкаҕа сылдьыбыт элбэх көрөөччү историяҕа киирбэтэх дьону тилиннэриэ турдаҕа, онон быыстапка үтүөтэ-өҥөтө саха историятыгар сүҥкэн суолталаах.
2019-2021 сс. СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Афанасий Владимиров гражданскай сэрии туһунан бэйэтин үллэһиннэ, билиҥҥи кэмҥэ хайдыһыылар тахсар түгэннэригэр историяны ытыктыырга, бэйэ-бэйэни харыстыырга ыҥырда. Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна музейын дириэктэрэ Дмитрий Бястинов хаартысканан быыстапка тэриллиитин туһунан сырдатта.
Николай Макаров “Кыраайы үөрэтиигэ өҥөтүн иһин” Станислав Афанасьевка СӨ культураҕа нэһилиэстибэтин объектарын харыстабылыгар департаменын махтал суругун туттарда.
Хомус аан дойдутааҕы киинин уонна музейын дириэктэрэ Дмитрий Бястинов, «Чолбон» уус-уран литература сурунаалын бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов уонна СӨ культураҕа нэһилиэстибэтин объектарын харыстабылыгар департаменын салайааччыта Николай Макаров хаартыска быыстапкатын арыллыытыгар үөрүүлээх-быһыыга майгыга кыһыл лиэнтэни быстылар.
Ааптар Станислав Афанасьев быыстапкаҕа турар хаартыскалар историяларын туһунан кэлбит ыалдьыттарга кэпсээтэ.
Быыстапка арыллыыта саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов, суруйааччы Дмитрий Наумов уонна история наукатын кандидата Владимир Пестерев санааларын үллэстиилэринэн түмүктэннэ. Хаҥалас улууһуттан быыстапка арыллыытыгар кэлбит Прокопий Ноговицын Хомус музейын дириэктэригэр Дмитрий Бястиновка уонна быыстапканы иилээбит-саҕалаабыт Станислав Афанасьевка хотой куорсунун аста, бэйэтин алгыһын анаата.
Источник: https://ulus.media/article/49864