Хомус аан дойдутааҕы киинин түмэлигэр Cаха АССР 100 сылыгар анаммыт “Тупсуу дьүһүлгэнэ” диэн Станислав Афанасьев хаартысканан быыстапкатын аһыллыыта буолла. Хаартысканан быыстапка сүрүн тиэмэтэ – Саха сиригэр гражданскай сэрии уоттаах сылларыгар кыһыллар, үрүҥнэр диэн икки аҥыы хайдыспыт оччотооҕу кэм устуоруйаҕа олоҕурбут былыргы хаартыскаларын үйэтитии буолла. Тупсуу дьүһүлгэнэ  диэн тугуй? Тупсуу эйэлэһии, иллэһии. Оттон дьүһүлгэн диэн уобарас, өйдөбүл кэриэтэ. Ол эбэтэр бу устуоруйа быыһын сэгэтэр тэрээһин «Хомус” аан дойдутааҕы түмэлэ уонна саха уус-уран литературнай “Чолбон” сурунаала биир сүбэнэн тэрийбит быыстапкаларын аһыллыытыгар кыһыл лиэнтэни арыйыы туомун “Чолбон “ сурунаал бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов, мусуой дириэктэрэ Дмитрий Бястинов уонна Николай Макаров толордулар. Устуоруйаҕа хаалар тэрээһиҥҥэ тыл билимин дуоктара И.Е.Алексеев – Хомус Уйбаан, А.С.Владимиров, суруйааччылар Н.А.Лугинов,Е.В.Слепцова – Куорсуннаах, Д.Ф.Наумов о.д.а ыалдьыттаатылар. Кинилэр кыраайы үөрэтиинэн, хаартысканы үйэтитиинэн утумнаахтык дьарыктанан дьоһун үлэни бар дьон сыанабылыгар таһаарбыт Станислав Афанасьевы хайҕаатылар, киэн тутта кэс тылларын эттилэр. Станислав Афанасьев, “Хомус” киинин аан дойдутааҕы түмэлин үлэһитэ, хаартысканан үйэтитээччи, кыраайы үөрэтээччи: — Мин Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтиттэн төрүттээхпин. 2015 сылтан саҕалаан кыраайы үөрэтиинэн ылсан дьарыктаммытым. Хаартыскалары сиэрийэлэргэ араартаан былакаат курдук кээмэйдээхтэри, быһа холоон 50-60-c сыллар Саха сирин сэбиэскэй кэминээҕи олоҕун-дьаһаҕын үөрэтэн саҕалаабытым. Маны сэргэ, 90-c сылларга Саха сирин успуордун туһунан эмиэ туспа сиэрийэ оҥорбутум. 2019 сылтан хаартыскалары чинчийиинэн дьарыктанан саҕалаабытым. Ордук гражданскай сэрии кэмин, революция иннинэ саха интеллигенциятын биир сиэрийэҕэ киллэрбитим. Саха АССР 100 сылын көрсө – 100 хаартысканы бэлэмнээтим. Биир сиэрийэҕэ үстүү хаартыска киирэр. Бу быыстапкаҕа 50-тан тахса хаартыска киэҥ араҥаҕа таҕыста. Мин улуус, нэһилиэк мусуойдарыттан былыргы хаартыскалары хомуйан, чинчийэн булабын. Былыргы хаартыска эргэрэн, саһаран хаалбытын көннөрөн (реставрациялаан) баран мусуойдарга төннөрөбүн. Аҕа саастаах ытык дьонум бүгүн кэлэн кэс тыллара миигин үлэҕэ, өссө салгыы айарга-тутарга кынаттаата. Тупсуу дьүһүлгэнэ… норуот суруйааччыта Николай Лугинов этэринии, хаартыскалар оччотооҕу кэм чахчыларын көрдөрөллөр. Быдан сылларга суох буолбут гражданскай сэрии кыттыылаахтарын икки өрүтүн хаартысканан эйэлэһиннэрэн бар дьон сыанабылыгар таһаарыы дьон тус толкуйугар… Кинилэр туох дии саныа эбиттэрэ буолла? Эн эмиэ бу мусуойга сылдьан бар дьоҥҥо, киэҥ эйгэҕэ тахсыбатах былыргы үйэ устуоруйатын сэгэтэн көрүөххүн сөп… Ульяна ЗАХАРОВА. Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.