Оһуо — оһуо оһуокай,

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй.

Аҕыс иилээх-саҕалаах

Атаннардаах мөҥүөннээх

Айгыр силик бэйэлээх

Аанныыр ийэ дойдубар,

Унаар күөҕэ оттордоох,

Уйгу быйаҥ сайыммыт

Салаллыытын айхаллаан

Саха дьоно буоламмыт

Санаабытын сааһылаан,

Аҕыс ыйдаах кыһыны

Аһарбыппыт аатыгар,

Үкэр күөҕэ оттордоох

Үүммүт үтүө сайыҥҥа

Үктэммиппит туһугар

Ытыстарга ылыаҕыҥ

Ыллыыр ыллам ырыалаах

Ымыы кэриэтэ хомуһу.

Оргууй уоска даҕайан

Оһуокайбыт тэтиминэн

Оһуор курдук ойуулаан

Охсон көрүөх доҕоттоор.

Бүгүҥҥүлүүр күннэргэ

Өрөгөйдөөх үөрүүлээх

Үбүлүөйү уруйдуу

Хомуһунан туойуоҕун.

Хохуоралаах тыллардаах

Хоҥкунастай тыастардаах

Хомуһугум барахсан

Хоҥкуначчы эн хоһуй.

(Тэтим эбиллэр)

Тыйыс тымныы дойдуга

Уйгу-быйаҥ олохтоох,

Үстүүр үллэр үөстэрдээх,

Эҥсилгэннээх сүүрүктээх,

Элиэнэлиир эбэбит

Илин-арҕаа биэрэгэр

Үктэллэнэн үөскээбит

Үлэһит үтүө дьоннордоох,

Ыллыыр ыллам ыччаттаах,

Олоҥхоһут өбүгэлээх

Улуу Саха омуга

Үрдүктүүрэ күүрээннээх

Сүүрбэһис үйэ саҕана

Сэбиэскэйдиир сойууска

Өрөгөйдөөн киирбитэ.

Үйэ кэмин устата

Киэҥ хардыынан дьулуруйда,

Үүнүү — сайдыы тубуста,

Эйэлээх үлэни ситистэ.

Ыраас санаа ымыыта

Хомус дьоһун ыһыаҕар,

Туймаадабыт хочотугар

Түһүлгэни төрүттээн,

Дьиэрэй, чуйгаар доргуччу.

Ыраах-чугас сирдэртэн

Ыҥырыллаан айаннаан

Ыалдьыттары кытары

Хомуһунан хоһуйуохуҥ.

Тимир тыллаах доҕорбут

Иллээх олоҕу айхаллаан

Араас омук доҕотторун

Төгүрүччү муста дии.

(Бытаарар)

Сайа охсор салгыннаах

Самаан сайын барахсан

Салаллан турар кэмигэр

Саха омук сиригэр

Суон тиит маһым курдуктуу

Сомоҕолоһон сылдьаммыт

Сорукпутун ситиэҕиҥ,

Саргыбытын салайыаҕыҥ.

Дьиэрэй, сахам хомуһа,

Дьиэрэй, ыраах сирдэргэ.

Уруй буоллун норуоппар,

Айхал буоллун атастаар,

Оһуо-оһуо оһуокай

Оһуокайдыыр оһуокай

Эһиэ-эһиэ эһиэкэй

Эһиэкэйдиир эһиэкэй