Эйигин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин аҕа саастаах хомусчутун, бэтэрээннэр улуустааҕы сэбиэттэрин өр сыл үлэлээбит үтүөлээх бэрэссэдээтэлин, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕун,»Алгыс» улуустааҕы хомус ансамбылын салайааччытын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнин – 90 сааскын туолбут үбүлүөйгүнэн ис сүрэхпититтэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Эн олоххор уонна үлэҕэр кэнэҕэски ыччакка холобур буолар, дириҥ ситиһиилэрдээх суолу хаалларан иһэҕин. Саха хомуһун аҕата, Лука Николаевич Турнин үөрэҕин утумнаан, үүнэр көлүөнэ ыччат айар талаанын сайыннарыыга сыраҕын сыаналыыбыт.

Эйиэхэ чэгиэн доруобуйаны, тус бэйэҕэр уонна чугас дьоннор дьолу-соргуну баҕарабыт!

Аан дойдутааҕы хомус Түмэлин уонна Киинин үлэһиттэрэ