Николай Петрович Бурцев 1907 с. Ахсынньы ый 17 кунугэр Уус-Алдан оройуонун I Бэрт-Ууһун нэһилиэгэр орто бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1920 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун I Дойдуунускай ос- куолатыгар үөрэнэ сылдьан, бииргэ уөрэнэр оҕолоруттан ураты талааннааҕынан биллибитэ. Кини маһынан араас көтөрү-сүүрэри үүт-үкчү оҥороро. Оччотооҕуга кинини үөрэппит республика биллиилээх кыр- дьаҕас учууталатД.М. Муксунов уол талаанын олус сөҕөрө. Кини оҥорбут эстэр пулеметун, сомуоктаах саатын, бэстилиэтин олус хайҕаан Дьокуускайга үөрэх наркомугар көрдөрөн хайҕаппыттаах эбит.
Дойдуунускай биэс кылаастаах оскуолатым бутэрэн 1925 сыллаахтан I Бэрт-Ууһун нэһилиэгин Сэбиэтин чилиэн-сэкэрэтээринэн улэлиир. Иккис сылыгар хардарыта көмөлөһүү кэмитиэтин чилиэнинэн буолар. Ол үлэлии сылдьан 1930 сыллаахха кулун тутар ыйга советскай партийнай оскуола дьиэтин тутуһууга Дьокуускай куоракка киирбит.
20-с сыллардаахха Н.П. Бурцев түһэрбит хаартыската
Онно киирэн бастакы хозрасчетнай ударнай биригээдэҕэ, онтон САССР 10 сылын туолуутун аатын сүгэр ыччат комсомольскай биригээдэтигэр үлэлиир. Итиэннэ старшай биригэдьииринэн үлэлии сылдьан, ударник бочуоттаах аатын сүгэр. Үрдүк көрдөрүүлэрин иһин иккитэ бириэмийэлэнэр. Ол сыллартан бүгүҥҥэ диэри аҕам Н.П. Бурцев «Личная карточка ударника», хас да хайҕал суруктара, социалистическай куоталаһыыга ыҥырар суруктара бааллар.
Н.П. Бурцев 20-с сыллардаахха
Николай Петрович ол кэмнэр туһунан маннык ахтара: «Оччолорго маннык киниискэлээхтэргэ «Первая ударная бригада» диэн аат биһиги коллективпытыгар эрэ баара. Үрдэтиллибит нуорманы хайдах толорон иһэрбитин хас ый аайы киниискэбитигэр бэлиэтээн иһэллэрэ. Былааны толорботох дьонтон ударник карточкатын төттөрү ылаллара. Мин бу киниискэбин үс сыл устата илдьэ сылдьыбытым. Биирдэ үрдүк кирилиэстээх (кэлин 5 №-дээх диэн буолбута) маҕаһыыҥҥа буолускай сылабаар киирбитин, комбинат 8 бастыҥнарыгар анаан биэрдилэр. Онтубутун уулусса устун тутан испиппитин, дьон олус да ымсыыра көрбүттэрэ. Ол кэмнэ сылабаар оннук күндү этэ».
30-с сыллардаах саха сирин интеллигенцията
Кини 1930 сылтан 1935 сылга диэри болуотунньугунан, столярынан, тутуу биригэдьииринэн, дэһээтинньигинэн, прорабынан сылдьан куорат элбэх дьиэлэрин тутуспута. Ол курдук, советскай-партийнай оскуоланы, механиктар оскуолаларын, проектнай институт, МТС дьиэлэрин, 70 сылларга диэри Ленин проспегар турбут бастакы поликлиниканы, «Прогресс» маҕаһыын дьиэтин, Короленко уулуссатыгар иккилии этээстээх олорор дьиэлэри уонна да атыттары тутуспутум диэн биһиэхэ кэпсиир, көрдөрөр буолара.
1935 сыл күһүнүттэн Николай Петрович педагогическай улэтин куорат 4 №-дээх оскуолатыгар улэ уруогун учууталынан саҕалыыр.
Бурцев Н.П. 20-с сыллардаах хаартыскатыгар:
куорат төрдүс нүөмэрдээх оскуолатын оҕолоро ролевой оонньуу методынан үөрэнэллэр.
1938 с. биэс ыйдаах начальнай оскуола учууталын куурсун бутэрэн баран, Кэбээйи оройуонугар ананар. Куокуй диэн сиргэ оскуола тэрийэн сэбиэдиссэйинэн улэлиир. Нөҥүө сылыгар Уус-Алдан Суотту начальнай оскуолатыгар учууталынан ананан кэлэн идэтин салгыыр. Кини 30-с сыллартан хаартыскаҕа туһэрэр идэни баһылаан «Фотокор» аппараакка түһэрбит урукку куорат көстүүлэрэ, үөрэнээччилэр, куорат олохтоохторо, ол иһигэр биллэр-көстөр да дьон хаартыскалара биһиги дьиэ архыыбыгар бааллар.
1938-40 сыллардаахха Куокуй начальнай оскуолатыгар сэбиэдиссэйинэн ананан ыраах Кэбээйи оройуонугар баран үлэлиир. Ол саҕана оскуола кыракый балаҕаҥҥа үлэлии олорбут.
Бурцев Н.П. уонна Захаров В.Г. үөрэнээччилэрин кытта пионерскай сбор кэнниттэн. Бу Куокуй оскуолатын маннайгы пионердара, 1940 сыл.
Николай Петрович тутууга үөрүйэх киһи быһыытынан кыра бириэмэҕэ оскуола дьиэтин уонна интернаты туттаран үлэҕэ киллэрэр, бастакы пионерскай этэрээти тэрийэр. Ити кылгас кэм иһигэр олохтоохтор өйдөрүттэн түспэт үтүө санааны хаалларан, төрөөбүт Дойдуунусскайыттан чугас Суоттуга Кыһыл Кырдал диэн бэртээхэй сиргэ оскуолаҕа үлэлии кэлэр.
Сэрии буолуон эрэ иннинэ…
Сэрии саҕаланыытыгар ыҥырыллан Бороҕоҥҥо тахсан баран, брюшной тиибинэн ыалдьан дойдутугар төннөр. Ыарахан ыарыыттан үтүөрэн, сойуус урдунэн ыытыллар байыаннай уерэхтээһиҥҥэ сорудахтанан Суотту подразделениетын командирынан ананар. Учууталлыырын таһынан нэһилиэнньэни, оскуола оҕолорун байыаннай дьыалаҕа (ытыыга, гранатаны быраҕыыга, хайыһардыырга) үөрэтиинэн дьарыктаммыта.
Салгыы Суоттуга детдом тэриллибитигэр директорынан анаммыта. Бу детдомьга араас саастаах тулаайах оҕолору РОНО, наркомпрос, милиция быһаарыытынан ыыталлара. Ол ыар дьыллар тустарынан Николай Петрович: «Детдом тэриллиитигэр дьиэ-уот олох суох этэ. Эгэ, көлө кэлиэ дуо? Совминынан туруорсан эргэ дьиэни көһөрөн, дьиэ туппуппут. Бороҕоҥҥо сатыы баран айдаарсан 10 киилэ арыы ылбытым, совминынан туруорсан 3 аттаммыппыт. Айаас аттар түбэһэннэр эрэй бөҕөнү көрдөрбүттэрэ. Барыта 60-тан тахса оҕо детдоммутунар баара. Таҥас-сап үөрэнэр оҕолорго эрэ нэһиилэ тиийэрэ, оскуолаҕа үөрэммэт саастаах оҕолор таһырдьа тахсалларыгар таҥастарын уларсан кэтэллэрэ. Куул остоох, массыына эрэмиэнэ улуҥнаах этэрбэс тигэн кэтэрдэрбит. Наадабытыгар Бороҕоҥҥо, куоракка сатыы сылдьарбыт. Кэлин биэс ыанар ынахтаммыппыт, 10-ча га сиргэ бурдук ыһарбыт, 4-5 га сиргэ хортуоппуй уонна оҕүруот араас аһын олордорбут. Онно барытыгар оҕолор бэйэлэрэ улэлииллэрэ», — диэн ахтара.
Ити 60-тан тахса оҕону Николай Петро¬вич кэргэнинээн Елизавета Васильевналыын көрөн-харайан сэрии аччык, аас-туор сылларын туораппыттара. Биһиги ийэбит туһунан кэпсээтэххэ, Елизавета Васильевна Васильева 1920 с. балаган ыйын 23 кунугэр Суотту бөһүөлэгэр төрөөбүт. Кыра эрдэҕиттэн тулаайах хаалан атын дьоҥҥо иитиллибит. Маҥнайгы кы- лааска Саһылыкаан диэн сиргэ үөрэммит, онтон иитэр дьоно куоракка көһөн киирэннэр 4-үс кылааска диэри куоракка үөрэм¬мит. Ол сылларга театрга тэриллибит үҥкүү куруһуогар сылдьыбыт. 1938 сыллаахха Суоттуга кэлэн 5-7 кылаастарга үөрэнэн оскуоланы бүтэрбит. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылааҕа эбит. 1942 сыл¬лаахха аҕабытын кытта холбоһон ыал буоланнар оҕолонон дьиэ хаһаайката буолбут. (Биһиги аҕабыт бастакы кэргэниттэн биир уоллаах огдообо киһи Суоттуга кэлбит).
Кэргэнинээн Елизавета Васильевналыын. 80-с сыллар.
Елизавета Васильевна төһө күүһэ кыайарынан детдом оҕолорун, сүөһүтүн-аһын көрүүгэ көмөлөспүт. Сэрии сылларыгар үстэ оҕоломмутуттан биирэ эрэ ордон улааппыт. Иккитэ эмп, ас тиийбэт буолан, ыалдьан кыра саастарыгар өлбүттэр. Эрдэ суорума суолламмыт Куосуктаах Победлана туһунан ийэбит бэркэ курутуйан туран кэпсиир буолара.
Николай Петрович сэрии кэнниттэн Суотту аҕыс кылаастаах оскуолатыгар салгыы учууталлыыр. Ол сыллар тустарынан райОНО методкабинетын улэһитэ Николай Колодезников ахтыыларыгар: «Кини эдэр сааһыгар аналлаах орто, үрдүк үөрэҕи бүтэрбэтэҕин да иһин, хайа күн оскуола кылааһын аһан, бастакы уруогу биэриэҕиттэн ыла ыччат ытыктабылын ылар дьоҕурдаах, үгүс дьаныарынан дириҥ теоретическай уонна практическай билиини оҕолорго биэрэр бастыҥ учуутал быһыытынан биллэн барбыта. Бэйэтин айьлҕаттан талаанынан күн ахсын педагогическай маастарыстыбатын үрдэтинэн, наука үгүс уобаластарыгар: физикаҕа, математикаҕа, физкультураҕа, черчениеҕа, үлэ уруогар «универсал» учуутал быһыытынан элбэх сыллар усталарыгар үлэлээтэ» — диэн суруйар. Манна диэн быһаардахха, аҕата Петр Иванович Бурцев, убайдара репрессияламмыт буоланнар Н.П. Бурцев куоластыыр, үөрэнэр бырааба суох буолан педучилищены туйгуннук бүтэрбитинэн үөрэҕэ муҥурдаммыта.
Николай Петрович ол саҕаттан үлэтин методическай өттүгэр элбэх болҕомтотун уурар эбит этэ. Кини библиотекатыгар аналлаах кинигэлэр, сурунааллар куруук баар буолар этилэр. Педагогическай уонна техническэй периодиканы арааһын суруйтаран, таарыйа биһи онтон эмиэ элбэҕи туһаммыппыт. Куоракка туруорсан, соҕурууттан суруйтаран 48-50 сыллардаахха физика кабинетын тэрийбитэ. Бэйэтэ оҥорбут истиэнэни тилэри ыскааптарыгар физика эрэ прибордара буолбакка, атын да пособиелар, моделлар, препараттар элбэх буолаллара.
Киэһээ Николай Петрович оскуолатын мотуорун собуоттаатаҕына оҕолор диапроекторынан, эпидиаскобынан диафильмнары, позитивтары көрөөрү мустар буолал¬лара. Итини бииргэ улэлээбит кырдьаҕас учууталлар бу курдук ахталлар: «Үлэтин бастакы сылларыгар, билиҥҥи кабинетнай система оскуолаларга киириэн букатын ыраах иннинэ лабораторнай уопуттары, техническэй средстволары айымньылаахтык туттубут учууталлартан республика да үрдүнэн бука биир бастакылара буолбута соччо биллибэккэ хааллаҕа. Орду табыллыбыт уруоктарыгар сүрдээҕин сүргэтэ көтөҕүллэн, оҕолорун кьггта бииргэ сөҕөн-махтайан, тэҥҥэ үөрэр-көтөр, дьиктиргиир дьоҕурдааҕа.
Николай Петрович оҕолорго сыһыанын туһунан эттэххэ, киниттэн хайҕаныахтааҕар буолуох мөҕүллүбүттэрин даҕаны өрүү умнубакка күндүтүк астына, киэн тутта саныыр дьон баар буолаллар. Кини элбэх саҥата суох, куруук үлэлии сылдьан, бэйэтин холобурунан биһигини кэрэни өйдөөн көрөр, үгүһү сатыыр, олоххо дьоҕурдаах гына иитэн таһаарбыта.
Мүрү орто оскуолатын педколлектива. 60-с сыллар.
Кэнники сылларга Мүрү орто оскуолатыгар үүнэр көлүөнэни иитиигэ элбэх сыратын биэрбитэ. Бороҕон орто оскуолатыга отуттуу толору инструменнардаах үлэлиир миэстэлээх слесарнай уонна столярнай үөрэнэр кылаастаах, араас станоктардаах ханна да суох улахан мастарыскыай тутан-тэрийэн республикаҕа биир образцовай үлэ оруогун учуутала буолбута.
Ити Учуутал быһыытынан уруоктарга программа көрдөбүлүнэн эрэ үөрэтиинэн муҥурдаммат. Кини тэрийбит моделирование куруһуогар дьарыктанар оҕолор республиканскай эдэр техниктар самолеттар, ракеталар, массыыналар, танкалар үлэлиир моделларын оҥорон конкурсугар куруук бастакы миэстэни ылаллара уонна Всесоюзнай күрэхтэһиигэ 1967, 1968 сыллардаахха Москваҕа уонна Чернигов куоракка кыттыбыттара. Бу куруһуокка оҕолор республикаҕа бастакы цветомузыка, мотоцикл мотуордаах аэросани, супергетеродиннай радиоприемник оҥорон дьону сөхтөрбүттэрэ. Оҕолор түүн биир чааска төрөппүттэр ирдэһэ кэлиэхтэригэр, мастарыскыайтан үүрүөхтэригэр дылы үлүһүйэн туран дьарыктаналлара.
Н.П. Бурцев саамай элбэхтик оҥорбут хомуһун биир көрүҥэ.
Онтон 1966 сылтан саҕалаан хайдах хомус оҥоһуутунан дьарыктаммыта ааҕааччыларга балайда сиһилии биллэр.
«Советскай киһи сиэрин-майгытын үрдүктүк сыаналыырга, үчүгэйтэн үөрэргэ, куһаҕантан хомойорго, итэҕэстэргэ эйэлэспэккэ мэлдьи үөрэтэрэ би¬һиги оҕо сүрэхпитигэр дириҥник иҥэн хаалбыт», — диэн үөрэппит оҕолоро ыстатыйаларыгар куруук бэлиэтээн этэллэр даҕаны, суруйаллар даҕаны.
Николай БУРЦЕВ, ХИФУ доцена,
РФ үрдүк профессиональнай
үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ