2011 сылтан ыла Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын укааһынан сэтинньи 30 күнэ – Хомус күнүнэн биллэриллибитэ. Быйыл үһүс сылын Хомус күнүн көрсө араас тэрээһиннэр ыытыллаллар. М.К. Аммосов аатынан ХИФУ устудьуоннара эмиэ бу декада тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар. Биһиги университеппытыгар араас идэҕэ уһуйулла сылдьар талааннаах устудьуоннар түмсэн, бэйэлэрин баҕаларынан хомус бөлөҕүн тэринэн өрөспүүбүлүкэ эрэ иһигэр буолбакка, Арассыыйа уонна Аан дойду таһымнаах араас фестивалларга, улахан күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттаннар төрөөбүт Сахаларын сирин, үөрэнэр университеттарын аатын элбэхтэ ааттаталлар.

     Ол курдук Аркадий Егоров салайааччылаах «Алгыс» бөлөх университет биир киэн туттуута буолар. Хомус күнүн көрсө «Алгыс» бөлөҕү көрсөн кэпсэттибит. Бөлөх салайааччыта М.К. Аммосов аатынан ХИФУ ХИНТуоКИ фольклор салаатын выпускнига, Ньурба Аканатыттан төрүттээх Аркадий Егоров маннык кэпсиир:

Хайа

      «Аан бастаан хомуһу кытта билсиһиим 16 саастаахпар этэ. Ийэм Егорова Александра Степановна хомус булан, хомус тардарга үөрэппитэ. Онтон ыла хомус мин олоҕум аргыһа буолар. Оскуолабар соҕотох хомусчут этим. Университекка үөрэнэ киирэн баран, маҥнайгы кууруска Тыл күнүгэр Опера уонна балет театрыгар хомусчут оҕолор түмсэн улахан сыанаҕа тахсыбыппыт, ол күн хомус бөлөҕүн тэриниэххэ диэн санаабын этэн, бары биир сүбэнэн бөлөх тэринэргэ быһаарыммыппыт. Бастаан атын ааттаах этибит, кэлин хаста даҕаны ааппыт уларыйа сылдьыбыта, элбэх устудьуон аймах хомус тардарга бэйэлэрин баҕаларынан кэлэн үөрэммиттэрэ, билигин даҕаны баҕалаах ыччат кэлэн үөрэнэр, дьарыктанар. Билиҥҥи сүрүн састааппыт 5 киһилээх. Биһиги аҥаардас хомуһу эрэ буолбакка, сахалыы ырыаны-тойугу эмиэ толоробут, араас хайысхаҕа холонобут. Уонна сүрүн уратыбыт диэн алгыс сиэригэр-туомугар үксүн хомус тардабыт, тардар тэтиммит, репертуарбыт ис хоһооно даҕаны алгыһы кытта дьүөрэлии. Онон бары биир сүбэнэн «Алгыс» диэн ааты ылыммыппыт. Араас тэрээһиннэргэ барытыгар кыттабыт, саамай улахан ситиһиилэрбит диэн 2011 с. Монголияҕа ыытыллыбыт улахан конгресска кыттыбыппыт, 2012 с. Финляндия Хельсинки куоратыгар буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах университеттар икки ардыларыгар ыытыллыбыт улахан этно-фестивалга гран-при буолбуппут, ол сыл Турция үс улахан куораттарынан гастроллаабыппыт уонна Москваҕа ыытыллыбыт 6-с норуоттар икки ардыларынааҕы «Бриллианты России»  фестивалга ситиһиилээхтик кыттан кэлбиппит.

      Хомус мин олоҕум аргыһа буолар, куруук илдьэ сылдьабын. Кини миигин харыстыыр, араҥаччылыыр, эмтиир. Мин улахан сыанаҕа дьулуспаппын, оҕолору, ыччаттары уһуйарбын ордоробун. Баҕа санаам диэн бөлөҕүм оҕолоро киһи быһыытынан ыраас санаалаах, сиэрдээх майгылаах үтүө дьон буоллуннар диэн. Төһө да араас идэлээх дьон буо

лан таҕыстыннар, хомуһу ытыстарын ымыыта оҥостон куруук илдьэ сылдьыахтарын баҕарабын уонна бэйэлэрин дьоҕурдарын өссө сайыннаран, талааннарын арыйан истиннэр, бэйэлэрэ үөрэнээччилэрдээх буоллуннар».

                                                                                                                     алгыс 2

 Айталина Иванова, ХИФУ омук тылын салаатын  3 кууруһун устудьуона, Сунтаар Элгээйититтэн төрүттээх:

«Мин 1 кууруска үөрэнэ сылдьан дьүөгэбиттэн истэн бу бөлөххө кэлбитим. Биһиги бөлөхпүт уратыта диэн аҥаардас хомуһунан эрэ муҥурдаммакка, фольклор араас көрүҥнэрин толоробут: ырыа буоллун, чабырҕах, хоһоон буоллун – бу барыта биир ситими үөскэтэр. Мин бэйэм 4 сааспыттан туойарга үөрэммитим, оҕо сааспыттан араас таһымнаах фестивалларга, күрэхтэргэ кыттан улууһум, Өрөспүүбүлүкэм, дойдум аатын көмүскүүбүн. Оһуохай, олоҥхо доҕордонон, ырыа-тойук аргыстанан саха төрүт култууратын өрө тутан бэйэбин араас өттүттэн сайыннарарга дьулуһабын. Ол курдук мин омук тылын салаатыгар үөрэнэбин, идэбинэн регионовед буолабын. Төһө да атын идэҕэ уһуйулла сылдьар буолларбын, ырыам-тойугум, хомуһум олох мэһэйдээбэт. Тоһоҕолоон этэр буоллахха, бөлөхпүтүгэр бары араас идэни баһылаары сылдьар, култуура эйгэтигэр сыһыана суох үөрэхтэргэ үөрэнэр оҕолор буолабыт.Бу биһигини атахтаабат, аралдьыппат.

       Университет үрдүнэн хомуһу сэҥээрэр устудьуон, дьиҥэ, элбэх. Сорохтор хомус тыаһын истээччи быһыытынан сэҥээрэллэр, сорохтор бэйэлэрэ хомус тарда үөрэниэхтэрин баҕараллар. Ол эрэн элбэх оҕо ол баҕа санаатын бэйэтигэр илдьэ сылдьар, олоххо киллэрбэт. Онон, куттаммакка, бэйэ баҕатын искэ туппакка сыал-сорук туруорунан дьарыктаныҥ, үүнүҥ-сайдыҥ диэн ыҥырабын!».

алгыс12

      Александр Мыреев, ХИФУ Горнай факультет 5 кууруһун устудьуона, Горнай улууһун Өрт нэһилиэгиттэн төрүттээх:

«Алын кылаастарга түөрт сыл тухары музыкальнай оскуолаҕа үөрэммитим, онон хомуһу кыра эрдэхпиттэн тардабын. Университекка үөрэнэ киирэн баран, бу бөлөххө дьарыктанар Лукина Кэскилээнэттэн истэн кэлэ сылдьыбытым, 2 кууруска үөрэнэр этим ол саҕана. Онтон 3 кууруска тахсан баран дьиҥнээхтии ылсан, санаабын ууран дьарыктанан барбытым. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ инженер-механик горных машин и оборудований диэн буолабын. Төһө да атын үөрэххэ үөрэнэр буолларбын, хомуспун бырахпакка бу бөлөххө дьарыктанабын, идэбинэн үлэлии да бардахпына хомуспун илдьэ сылдьыам, кэмиттэн кэмигэр ылан тардыам.

     Хомус киһини ыраастыыр, искэр баар куһаҕан тыыны хомустуу турдаххына хомус тылыгар баайар, сап курдук. Хомус ол иһин тыла наһаа хараарар, ону куруук ыраастыы, сууйа-сото сылдьыахтааххын. Мин өр хомус тардыбатахпына, хайдах эрэ, тугум эрэ тиийбэт курдук буолан хаалар, нууччалыы привычка диэххэ дуу, өр хомуһа суох сылдьыбаппын.

     Мин санаабар, университет үрдүнэн хомуһу сэҥээрэр устудьуон элбэх. Холобура, элбэх устудьуон үөрэнэ диэн кэлэр уонна хомустара суох буолан тохтоон, кэлбэт буолан хаалаллар. «Баҕалаах баҕанаҕа ыттар» диэбиккэ дылы, хомус булунан куруук тарда сылдьар устудьуон аҕыйах. Онон, киһи баҕа санаатын таах хаалларбакка, хайаан да олоххо киллэрдэҕинэ кини олоххо эмиэ оннук дьулуурдаах, сыалын-соругун ситиһэргэ күүстээх санаалаах буолар».

алгыс болох1

       Ньургун Пахомов, ХИФУ ИТИ 4 кууруһун устудьуона, Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгиттэн төрүттээх: «Аан бастаан хомуска дьүһүйүүм алын кылаастарга үөрэнэ сырыттахпына этэ. Ийэм Пахомова Валентина Егоровна импровизатор-хомусчут, хомуһу ытыс ымыыта оҥостон илдьэ сылдьарбар кини уһуйуута, үөрэҕэ олук буолбута. Университекка үөрэнэ киирбиппэр эдьиийим Лукина Кэскилээнэ эппитэ, Егоров Аркадий университет иһинэн да буоллун, оҕолору да буоллун, баҕалаахтары хомус тардарга дьарыктыыр диэн, онон эдьиийим сүбэтинэн тута  Аркадий бөлөҕөр дьарыктанан барбытым. Бөлөхпүт араас таһымнаах күрэхтэргэ, фестивалларга кыттан ботуччу ситиһиилэрдээхпит, университеппыт, Сахабыт сирин аатын элбэхтэ көмүскүүбүт. Бэйэм инженер идэтин баһылаары сылдьабын, ол да буоллар хомус доҕорбун куруук илдьэ сылдьыам. Хомуһу сайыннарыыга, аан дойдуга биллэригэр-көстөрүгэр, хас биирдии саха киһитэ бэйэтин музыкальнай тэрилинэн-хомуһунан киэн туттарын туһугар бэйэм кылааппын киллэрэн туран өссө да үлэлэһиэм, дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатыам диэн санаалаахпын.

       Биһиги университеппытыгар хомус тардыан баҕалаах устудьуон элбэх. Ол эрэн кыра ыарахаттартан сылтаан тохтоон хаалаллар, талааннарын ситэ арыйбаттар. Уонна устудьуон аата устудьуон, үөрэҕэ да ыарахан, дьарыгырара да элбэх, аны хомус сыаната устудьуон киһиэхэ ыарахан диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.Ол эрэн көрдөөбүт көмүһү булар, баҕалаах хайаны хамнатар».

алгыс7

        Николай Иванов, СВФУ Геологоразведочнай факультет устудьуона, Таатта улууһуттан төрүттээх: «Мин 5 кылааска үөрэнэ сылдьан эдьиийим хоһугар хомус сытарын булан ылбытым, ону илиибэр ылан тардан, тыас таһааран көрбүтүм. Хомуһу кытта маҥнайгы билсиһиим итинник этэ. «Алгыс» бөлөххө Саша Мыреевтан истэн 2012 сыл күһүнүгэр кэлбитим уонна ол күнтэн ыла бу бөлөх сүрүн састаабыгар баарбын. Хомуһу мин күндүтүк саныыбын, ханна да буолларбын илдьэ сылдьабын, хомус тардан киһи ураты турукка киирэр. Бэлиэтээн эттэххэ, хомус музейа баара олус үчүгэй, кинилэр үлэлэрэ өссө кэҥии, тупса туруон баҕарабын. Баҕа санаам диэн хомуһу сэҥээрээччи, ытыс ымыыта оҥостон илдьэ сылдьааччы элбии турдун, саха киэн туттар музыкальнай инструмена — хомуспут өссө өрө тутуллан үүнэ-сайда турдун».

Алгыс Күн, фольклор салаатын аспирана

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *