Фото Кривошапкин Д.И. 001

Хомус… Ытыска эрэ батар дьоҕус кээмэйдээх эрээри, имигэс тарбахтар имнэригэр киирдэҕинэ, киһи барахсан сылаас тыынынан иччилэнэн дьикти алыптаах дорҕооннорунан иэйэн-куойан, саҥаран-иҥэрэн, ыллаан-туойан бардаҕына Аан дойду, Ийэ Айылҕа бары кэрэтэ, кэпсэммэт кистэлэҥэ тиллэн кэлэргэ дылы буолар. Улуу Уустар уһаарбыт, таптайан оҥорбут хомуһуннаах хомустара куйа эрээри сүдү күүстээх, араас алыптаах буолар эбит…Хомус тардан таптыылларын билинэллэр, сүрэхтэрин кистэлэҥин этэллэр, хомус тыаһынан туоххаһыйбыт куту-сүрү уоскуталлар, эти-сиини эмтииллэр, саппаҕырбыт санааларын сайҕыыллар, ыраастаналлар, Айылҕа кэрэтин хоһуйан Айыылардыын ситимнэрин бөҕөргөтүнэллэр, ииттинэллэр.

Саха хомуһа Аан дойду саамай бастыҥ хомуһа диэн аатырыан аатырар. Аан дойду үрдүнэн хомуһу оҥорууга саха уустара тэҥнээхтэрэ суох. Саха хомусчуттара И.Е. Алексеев — Хомус Уйбаан, Бүөтүр Оҕотоойоп, Спиридон Шишигин, Федора Гоголева, Альбина Дегтярева салайааччылаах «Айархаан» бөлөх, Ким Борисов, Юлиана Кривошапкина ааттарын Арассыыйа эрэ буолбакка, Аан дойду барыта истэр-билэр. Саха курдук хомуһу өрө тутар, хомуһу ытыс ымыыта оҥостон олоҕун тухары илдьэ сылдьар атын омук суох. Дэлэҕэ, анаан-минээн Хомус күнэ диэн бэлиэтиир үгэһи олохтуо дуо.

Мин хомуһу алта саастаахпар аан бастаан илиибэр ылан, уоспар даҕайан тыас таһаарбытым. Ол кэмтэн ыла баччааҥҥа диэри хомуһу доҕор оҥостон илдьэ сылдьабын, иэйиим киирдэҕинэ хомуспун илиибэр ылан тардыбытынан барабын. Оскуолаҕа сылдьан араас таһымнаах кэнсиэрдэргэ, тэрээһиннэргэ куруук кыттарбыт, үрдүк үөрэх кыһатыгар киирэн баран устудьуоннары кытта эмиэ бөлөх тэринэн хомуспун умнубатаҕым. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан А.Н. Окоемов салайааччылаах «Мичээр», «Сандаара» үҥкүү бөлөхтөрө Болгарияҕа ыытыллыбыт аан дойду таһымнаах фестивалга кыттыбыппыт. Онно делегациялар көрсүһүүлэригэр хомус тардан иһитиннэрбиппин атын омук дьоно олус дьиктиргии, сөҕө-махтайа истибиттэрин өйдүүбүн. Кэлин, университекка үөрэнэр кэммэр, Удмуртияҕа Ижевскэй куоракка ыытыллыбыт устудьуоннар олимпиадаларыгар кытта бара сылдьан Саха сирин хамаандата бэйэтин билиһиннэриитигэр эмиэ хомус тардан иһитиннэрбитим. Ити курдук ханна да бардарбын хомуспун илдьэ сылдьабын. Миигин аан бастаан хомус тардарга, ыллыырга үөрэппит учууталым Марфа Прокопьевна Захарова буолар. Кини “Дьүрүл” норуодунай ансаамбыл биир тутаах хомусчута, “Кустук” детсад иитээччитэ. Марфа Прокопьевна “Сыккыс» диэн детсад саастаах оҕолор ансаамбылларын салайааччыта, элбэх оҕону хомус кэрэ эйгэтигэр сиэтэн киллэрбит киһи буолар. Аан маҥнай ырыаҕа, хомуска уһуйбут Учууталбар Марфа Прокопьевнаҕа махталым муҥура суох. Ити курдук “Сыккыстан» саҕалаан оҕолор “Үрүйэчээҥҥэ”, “Күөрэгэйгэ”, “Дьүрүлгэ” тиийэ иитиллэн тахсаллар. Нам улууһун Бартыһаан нэһилиэгин хомус биһигэ, хомусчуттар нэһилиэктэрэ диэн мээнэҕэ ааттаабаттар. Бартыһааҥҥа хомуһу сатаан тардыбат киһи арааһа, ахсааннааҕа буолуо. Оҕотуттан кырдьаҕаһыгар, эдэриттэн эмэнигэр тиийэ бары хомус ансаамбылларыгар дьарыктаналлар. Онон “Дьүрүл» норуодунай ансаамбыл нэһилиэкпит сүрүн киэн туттуута буолар.

Мин бүгүн “Дьүрүл» ансаамбыл салайааччыта, Нам улууһун Ытык Киһитэ, Учууталым Дмитрий Иванович Кривошапкинныын сэһэргэһиибититтэн быһа тардан кэпсиэхпин баҕарабын. Намнар биһиги Дмитрий Иванович аатын бары үчүгэйдик билэбит, кинини анаан билиһиннэрэр наадата суох дии саныыбын. Дмитрий Иванович улууска эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ ытыктанар киһи, кини хомуһу аан дойду үгүс муннуктарыгар дьүрүһүппүт, эдэр талааннаах хомусчуттары үүннэрэн таһаарбыт улахан өҥөлөөх. Дмитрий Иванович аан бастаан хомус ансаамбылын тэрийиэҕиттэн хас да көлүөнэ ыччат хомус кэрэ эйгэтигэр иитиллэн таҕыста. Бартыһааннар кинини бары Миитэрэй диэн ытыктаан ааттыыллар, үөрэнээччилэрэ киниэхэ махталбыт муҥура суох. Дмитрий Ивановичтыын көрүстэхпит аайы куруутун истиҥник сэһэргэһэбит, сонуммутун үллэстэбит.

«Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин» диэн саха өс хоһооно баар. Дмитрий Ивановичтыын көрүстэхпит ахсын күннээҕи сонуммутун эрэ буолбакка, сиэр-туом, төрүт үгэс, саха омук инникитин, билиҥҥи олохпут хайдах устан иһэрин эмиэ ырытыһабыт, санаабытын үллэстэн ирэ-хоро кэпсэтэбит. Сэтинньи 30 күнүгэр буолуохтаах Хомус күнүн көрсө учууталым Дмитрий Иванович туох санаалардаах, хайдах сүргэлээх үлэлии-хамныы сылдьарын билсэ, санаа үллэстэ диэн эрдэттэн үлэһэммин дьиэтигэр чэйдэтэ ыҥырбыта. Дмитрий Иванович балта Интерна Ивановналыын бэйэлэрин оҕолорун курдук олус үөрэ, сүргэлэрэ көтөҕүллэн көрүстүлэр. Кэпсэтиибит сүнньэ төрүт үгэс уонна билиҥҥи олох, саха ыччатын туһунан буолла.

— Дмитрий Иванович, дорообо. Кэпсэтиибитин сонуннаргыттан саҕалыахха. Кэлин туох ситиһиилэннигит, хайдах үлэлии-хамныы сылдьаҕыт?

— Дорообо. Үлэлээбиппит курдук үлэлии олоробут, сүрүн сонуммут диэн «Дьүрүллэр» 2011 с. Москубаҕа, Бөтөрбүүргэ Саха сирин күннэригэр ыһыах сиэригэр-туомугар кыттан кэлбиппит, ону тэҥэ 2012 с. Карелияҕа сылдьан кэллибит. Сыл аайы бэйэм ааппынан хомус тардыытыгар куоҥкурус тэрийэн ыытабын. Бу ааспыт күрэххэ гран прины Алгыс Павлов ылбыта, лауреаттарынан Ньургууна Николаева уонна Ньургустаана Гаврильева буолбуттара. Онон хомусчут оҕолор баар буолан иһэллэр, олох суох буолбатахтар. Быйыл нэһилиэккэ 350 киһилээх рекорд олохтоотубут, Хомус түмэлин уонна киинин үлэһиттэрэ тахсан көрдүлэр, мэктиэлээтилэр. Бары сахалыы таҥастаах хомус тардыбыппыт. Кэнэҕэс баҕар 500 да киһилээх рекорду туруоруохха сөп, баҕа санаа диэн оннук. Быйыл саас куоракка ыытыллыбыт улахан фестивалга «Дьүрүллэр» гран-при буолбуппут. Сүрүнүн кэпсээтэххэ итинник. Бэйэм баҕа санаам диэн 75 диэри үлэлээбит киһи диэн. Хомуһу, төрүт култуураны сайыннарбытым курдук сайыннара туруом, үлэлээбитим курдук үлэлиэм.

— Балачча ситиһиилэрдээх эбиккит дии, сэргэхтик олорор эбиккит. Ол аата утумнааччылардаах буоллаҕыҥ. Хомуһу сэҥээрэр, хомус тардар оҕолор, ыччат дьон бааллара киһини үөрдэр, сүргэни көтөҕөр. Бэйэҥ оҕо сааскын санаан ыллахха, оҕо сылдьан ырыаны-тойугу, олоҥхону, хомуһу төһө сэргээн истэр этигиний? Аан бастаан хас саастааххар хомус тардыбыккыный?

— Аан бастаан Мэхэйиил оҕонньор олоҥхотун истибитим, оччолорго 9 саастааҕым. Онтон 1953 с. Салбаҥ олоҥхоһута оҕонньор Улуу Сыһыыга Горнай ыһыаҕар сүрдээҕин үчүгэйдик олоҥхолообутун истибитим. Ол оҕонньор аатын өйдөөбөппүн. Оонньуу сылдьар оҕолор оннооҕор чуумпуран, мэниктээбэккэ истибиппит. Олоҥхону кытта билсиһиим итинник этэ. Кэлин бэйэм персонажтарынан игин кырдьаҕас күтүөппэр ыллаан иһитиннэрэрим. Улахан дьон быһа түһэн хайҕаабаттар этэ, санааларын истэригэр тутар эбиттэр, харыстаан. Кэнники ылсыспытым, олоҥхоҕо, уонча сыл буолла. «Дьырыбына Дьырылыатта», «Үөлэн Хардааччы» олоҥхолору туруора сырыттыбыт, быйыл Павловскайга ыытыллыбыт күрэххэ лауреат буоллубут.

Оҕо эрдэхпинэ Таастаахха Кучара Сэмэн диэн булчут оҕонньор эмээхсинэ Өлөксөөс кыра мас холбукатыгар таҥаска суулуу сылдьар хомустаах этэ. Онтун ылан дэҥ эриэккэстик тардара. Хомуһу бастаан онно көрбүтүм. Тыаһа кыра буолан баран уһун тыыннааҕа, үчүгэй тыастааҕа миигин абылаабыт курдук этэ, өйбөр хаалан хаалбыт. Хомуһу аан бастаан 1970 с. тыас таһааран тардан көрбүтүм. Табаарыһым Аргунов Максим Кириллович хомуһа этэ. Тардан көрбүтүм, туох эрэ тахсыах курдуга хайдах эрэ, киһи син тыаһатыан сөп эбит диэн киирсибитинэн барбытым. Араадьыйаны, Хомус Уйбаан пластинкатын истэр этим. Сэттэ уон ордугуна алта сыллаахха соҕотоҕун буолбакка, дьону үөрэтэн элбэх буолан тардыахха сөп эбит диэн санаа киирбитэ. Оҕолору үөрэтэн киирэн барбытым. Олохтоохтук ылсан, дьону түмэн 1976 с. «Дьүрүл» ансаамбыл тэриллибитэ. 1991 с. I кэнгириэскэ кыттыбыппыт, 1993 с. норуодунай ааты иҥэрбиттэрэ, ССРС култууратын туйгунугар түһэрбиттэрэ. Кылгастык кэпсээтэххэ, итинник.

— Дмитрий Иванович, эн хомусчут эрэ буолбакка, болкулуор араас саанырдарын толороҕун, бэйэҥ айар үлэҕинэн ыччакка, оҕо дьоҥҥо холобур буолаҕын. Эйиигин биһиги алгысчыт, үҥкүү тылын этээччи, норуот ырыаларын, олоҥхону толорооччу быһыытынан билэбит. Ону тэҥэ бэйэҥ эмиэ ырыалардааххын, Нам улууһун мелодистарын түмсүүтүгэр бааргын. Ити араас өрүттээх айымньылаах үлэҥ барыта төрүт үгэспит, төрүт култуурабыт сүппэтин, салҕыы көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн иһэрин туһугар диэн буоллаҕа, оннук даҕаны. Саха омук бэйэтин уратыта төрүт үгэһигэр, тылыгар-өһүгэр, сиэригэр-туомугар сыттаҕа дии. Онон эйиигиттэн алгыс суолтатын, алгыс сиэрин-туомун туһунан ыйытыым. Алгыс сиэрин-туомун мээнэ киһи толорбот, ылбычча алҕаан киирэн барбат буоллаҕа. Уонна алгыс толоруллуутунан, тыла-өһө уратытынан, ирдэбилэ улаханынан биир ураты сиэрбит-туоммут буолар.

— Алгыс сиэри-туому тутуһуу биир саамай улахан көрүҥэ, айыылардыын ситимнэһии буолар. Ону тэҥэ хас биирдии киһи бэйэтэ эмиэ иһигэр алгыс тылларын сааһыланан этэ сырыттаҕына бэйэтин араҥаччылана сылдьар, күрүөлэнэн көмүскэнэр. Алгыс сиэрэ-туома туспа бэрээдэктээх, ирдэбиллэрдээх. Айыылартан сүгүрүйэн көрдөһөҕүн, сир иччилэриттэн, онтон Аал уот иччитин сиэлинэн, арыылаах алаадьынан, саламаатынан, кымыһынан айах тутан аһатаҕын, көрдөһөҕүн-ааттаһаҕын. Сиэргэ-туомҥа хаһан да арыгынан айах тутуллубат, ити кытаанах ирдэбил. Алгыс тылын этии, сиэрин-туомун тутуһуу ардыгар ыарахаттардаах. Холобур сир-сир туспа күүстээх, энергиялаах буолар, ардыгар сорох сиргэ тиийдэххинэ айаххыттан тыл тахсыбат буолан хаалар. Аны алҕаа диэн сарсын буолуохтааҕы бүгүн кэлэн этэллэр, ол сыыһа. Чөкөтүнүөххүн наада, тылгын-өскүн сааһыланаҕын, турукка киирэҕин. Онон эрдэ этэр сөптөөх. Кылгастык кэпсээтэххэ ити курдук.

Мин алгыстаабытым сүүрбэччэ сыл буолла. Арчы дьиэтигэр семинардарга сылдьан үөрэнэн, билсэн Ыһыах алгысчыта диэн ааты иҥэрбиттэрэ.

— Барыта хас ырыалааххыный?

— Нуотаҕа түһэ илигинэн отучча ырыалаахпын, сүүрбэччэ ырыаны композитор Василий Зыряновка оҥотторо сылдьабын. Бүтэрдэҕинэ, үп-харчы көһүннэҕинэ кинигэ оҥотторор санаалаахпын. Нуотаны билэрим буоллар өссө элбэҕи суруйуом эбитэ буолуо. Аны ырыа мээнэ айыллыбат, биирдэ эмитэ тэһэ кэйэн киирдэҕинэ мүччү туппакка суруна оҕустаххына ырыа буолан тахсар.

— Ити эттиҥ дии, иэйии тэһэ кэйэн киирдэҕинэ диэн. Аны сорох киһи айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун, талаанын сайыннарбатаҕына, эбэтэр дьонтон толлор, кыбыстар буоллаҕына кэхтэн, бүгэн хаалыан сөп дии, талааннарын ситэ арыйбатах, кистээн илдьэ сылдьар да элбэх буолуо. Ону эн туох дии саныыгын, тугу сүбэлиэҥ этэй?

— «Баҕалаах маска ыттар» диэн өс хоһооно баар. Өбүгэлэрбит сүрдээх муударай, олоххо баары мындырдык этэр эбиттэр. Хас биирдии киһи туох эрэ дьоҕурдаах, айылҕаттан бэриһиннэрбит талааннаах буолар. Иэйиитэ киирдэҕинэ ыллаабытынан, туойбутунан барыа. Ардыгар умуллан ылар кэмнэрдээх. Онон кэҕиннэрэн кэбиспэккэ, баҕалаах уонна дьулуурдаах буолуохтааххын. Мин “ырыа айбыт киһии” диэн саныыр этим. Хайаан даҕаны маны толоруом диэн саныыгын. Ардыгар сааһыран баран киирэн кэлэр, айар-тутар баҕа, иэйии. Аны айылҕаттан бэриһиннэрии диэн эмиэ баар эбит. Энтузиаст буолуохха наада. Энтузиаст буолуу диэн улахан үлэттэн, баҕаттан уонна дьулууртан тахсар. Оннук улахан баҕалаах, күүстээх санаалаах дьон тугу эрэ ситиһэллэр.

— Саха омук уратыта сиэригэр-туомугар, төрүт үгэһигэр, тылыгар-өһүгэр диэн эттибит. Билиҥҥи балысхан сайдыы түргэн тэтимнээхтик барар кэмигэр саха омук суураллан хаалбат туһуттан тугу өйдөөн, өрө тутан, ханнык санаанан салайтаран олоруохтаах эбиппитий, эн санааҕар?

— Саамай сүрүнэ итэҕэлбитин, тылбытын-өспүтүн, төрүт үгэспитин ыччаттарбытыгар туттаран утуму салҕыахтаахпыт. Хайаан да тутуһан, билэн үөрэтиэхтэрин наада. Ону билэллэрэ буоллар улаханнык дьалхааҥҥа ылларыа суох этилэр. Сахалыы үөрэх хайаан да наада, оччоҕо саха буолан олоруохпут. Сахалыы тыыннаах дьиэ кэргэн элбээтин. Оҕолорун сахалыы иитэн таһаардыннар. Дьиҥнээх кыһа – дьиэ кэргэн. Иитии-үөрэтии дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Сэбиэскэй кэмҥэ улаханнык тууйулла сылдьыбыппыт, кэлин төрүт култуурабыт тиллэн билигин эдэр ыччат сүрдээҕин ылсыста, син тутуһа сатыыллар. Ону сүтэрбэккэ илдьэ сырыттахха, оҕо дьоҥҥор иҥэрдэххэ дьиҥнээх кута уһуктуон сөп.

— Дмитрий Иванович, билиҥҥи ыччаты эн хайдах көрөҕүн, билиҥҥи олохпутун хайдах сыаналыыгын?

— Билиҥҥи ыччат сайдыылаахтар, көмпүүтэр, интернет үйэтэ буолан сүрдээх билиилээхтэр. Оннооҕор кыра оҕолор. Саҥа хаамар буоллулар да көмпүүтэри, төлөппүөнү таккыйбытынан бараллар. Ол эрэн наһаа үлүһүйэр буортулаах буолуон сөп, интернеккэ араас куһаҕан, охсуһуу-этиһии олус элбэх, таптаһыы даҕаны, омугунан да киирсии аһаҕастык көрдөрүллэр. Саха сүрдээх сэмэй, таптыырын кистиир. Сыаналаан олоҕу олоруллуохтаах. Билиҥҥи ыччат мөлтөх өрүттэрэ диэн олоххо, бэйэ-бэйэҕэ чэпчэки сыһыаннаах диэн көрөбүн. Олоро түһээт арахсан хаалаллар, табаҕы тардаллара бэрт, онтон пиибэҕэ көһөллөр. Куһаҕан дьаллык биһиэхэ баар, суох буолбатах. Манна уйулҕа үөрэхтээхтэрэ үлэлэһиэхтэрин сөп этэ дии саныыбын. Улахан омуктар сабыдыаллара күүстээҕэ бэрт, үтүктээйи буолумуохха наада.

Аны оҕолорбутун нууччалыы иитэбит. Тойон-хатын игин да буоллун, оҕолорун нууччалыы иитэллэр. Сахалыы тыыннаах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит оҕо саханы салҕыыр буоллаҕа. Ити этэллэрин тутуһааччы тутуһар. Тыа дьоно бэйэбит өйбүтүнэн-санаабытынан олордохпут дии.

Билиҥҥи оҕолор кырдьаҕаһы улаханнык убаастаабат буолан иһэллэрэ элбэх, урут оҕону кырдьаҕаска миэстэ туран биэр диэн иитиллэрэ. Төрөппүт этэрэ, иитэрэ-үөрэтэрэ улахан оруоллаах. Билигин учууталларга сүрдээх ыарахан буолла. Урут учууталы ыраахтан көрөн толлор буоларбыт. Билигин буоллаҕына учууталы утары тыл көтөҕөллөр, тылын истибэттэр, этиһэр да курдук буолаллар.Учуутал кыратык саҥатын улаатыннарда да мөхтө диэн буолар, төрөппүт сүүрэн кэлэр. Ити барыта учууталы убаастаабат буолууга тириэрдэр. Урут мөҕүллэҕин, буоллаҕын, өйдөөн көннөрүнэҕин, сыыһа гыммыппын диэн өйдүүгүн. Онон төрөппүт сыыһата оҕотун аһары көмүскэһэригэр буолар.

Аныгы ыччаты барыларын куһаҕан диэбэппин, киһи астынар ыччата элбэх.

— Онон эдэр дьоҥҥо, саха ыччатыгар туох баҕа санааҕын этиэҥ этэй?

— Бэйэлэрин туруоруммут соруктарын хайаан да ситистиннэр. Мин сахабын диэн бэйэлэрин куттарын-сүрдэрин бөҕөргүтүнэн бэйэлэрин оҕолорун эмиэ оннук ииттиннэр. Төрөөбүт тылларын харыстаан илдьэ сырыттыннар. Чөл олоҕу тутуһар киһи бэрээдэктээх буолар. Дьоҕурун сайыннаран, билиитин хаҥатан ыччаты, оҕо дьону иитиигэ туһаайдаҕына ол буолуо дьонугар-сэргэтигэр туһата, махталын бэлиэтэ. Кимтэн-туохтан тууралаахтарын билиэхтээхтэр, саха итэҕэлин тута сырыттыннар, ыһыктыбатыннар.

— «Дьүрүл» ансаамбылыҥ инникитин хайдах көрөҕүн, туох баҕа санаалааххын?

— Баҕалаах ыччат мин үлэбин салҕыан сөп. Мин ааппын ааттата сылдьар Алгыс Павлов, Вера Неустроева курдук үөрэнээччилэрдээхпиттэн үөрэбин, киэн туттабын. Үөрэнээччилэрим суолга даҕаны аара көрсө түһэн дорооболоһон кэпсэттэхтэринэ испэр олус үөрэбин, үлэм таах хаалбатах эбит диэн. Импровизатор-хомусчут сүүрбэттэн тахса буолла, Бартыһааҥҥа. Кэлин миигин утумнааччы, салҕааччы баар буолуон сөп. Сорох дьон этээччи, бэйэҕин солбуйар үөрэнээччини, киһини ииппэтэххин диэн. Ол уустуктардаах. Энтузиаст буолуохха наада. Билигин Мария Аргунова, Екатерина Рыкунова, Октябрина Оконешникова үлэлии сылдьаллар. Бэйэлэрэ сүрдээх талааннаахтар, хайа баҕарар үөрэтэр кыахтаахтар, болкулуорга чугастар. Бииргэ үлэлиир үөлээннээхтэрбэр, ансаамбылым дьонугар махтанабын, бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн-өйөһөн бииргэ үлэлээн кэллибит. Иннокентий Никитич Готовцевка – Хоһуун Ууска эмиэ махталым улахан, биһиги ансаамбыл атахпытыгар турарбытыгар кини көмөтө улахан. Сүрдээх талааннаах киһи, үөлээннээҕим буолар. Чугас дьоммор, бииргэ төрөөбүттэрбэр эмиэ махталым улахан, кинилэр өйөөн, күүс-көмө буолан маннык таһаарыылаахтык үлэлээн-хамнаан кэллэҕим.

Биһиги үлэбитин ыччаттар салҕаан илдьэ бара туруохтара дии саныыбын, оччоҕуна «Дьүрүл» хаһан да уостуо суоҕа.

— Дмитрий Иванович, санааларгын үллэстибитиҥ, сүбэҥ-амаҥ иһин махтанабын. Дириҥ ис хоһоонноох кэпсэтии буолла, өссө даҕаны сэргэх сонуннаргынан үөрдэ тур, чэгиэн сырыт диэн баҕа санаабын этэбин.

Биһиги Дмитрий Ивановичтыын өссө да элбэҕи сэһэргэспиппит, ону кылгатан биэрдибит. Дмитрий Иванович бэрт наҕыл, холку куолаһынан мичээрдээн кэбиһэ-кэбиһэ саҥаран, кэпсээн киирэн бардаҕына киһи эрэ истэ олоруох курдук, холкугар түһэн, кэпсэтии иһигэр киирэн элбэҕи эргитэ саныыгын, араас толкуй киирэр. Миигин сылаас чэйдээх, остуол хотойорунан минньигэс астаах көрсөн, бэрт сэргэхтик сэһэргэстибит. Ол чэйдии олорон түннүгүнэн өйдөөн көрбүтүм, уун-утары саҥа тутуллубут «Хомус” сынньалаҥ киинэ көстөр эбит. Ол төгүрүк быһыылаах хомус дьиэтин үрдүгэр, чыпчаал оройугар ытыспыт ымыыта – хомуспут мэҥэ бэлиэ буолан турара харахха тута быраҕыллар. Онуоха мин эттим: “Тыый, хомуһуҥ бу көстөн турар эбит дии, уун-утары. Чэйдии олорон хомускун көрөн олорор эбиккин дии». Онуоха Дмитрий Иванович үөрэн мүчүк гынар, сөбүлэһэн мичээрдииллэр, Интерна Ивановналыын. Ити, арааһа, мээнэҕэ буолбатах буолуохтаах диэн испэр санаабытым.

Бу суруйуубун мин хомуска, ырыаҕа уһуйбут учууталларбар Марфа Прокопьевна Захароваҕа, Галина Михайловна Соловьеваҕа, Вера Николаевна Неустроеваҕа, Дмитрий Иванович Кривошапкиҥҥа махтал тылларбынан түмүктүүбүн. Эһиги сиэтэн киллэрбит кэрэ эйгэҕит өссө да элбэх оҕону, ыччаты үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдии, угуйа турдун, чэп-чэгиэн сылдьыҥ, дьиэ кэргэттэргит этэҥҥэ буоллуннар, куруук үөрэ-көтө эрэ сылдьыҥ, баҕа санааҕыт барыта томточчу туоллун! «Дьүрүл» ансаамбылы, бары хомусчуттары сэтинньи 30 күнүнэн — Хомус күнүнэн ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин, хомускутун ытыс ымыыта оҥостон куруук илдьэ сылдьыҥ!

 Күн Алгыс,

ГЧИ аспирана, Хомус түмэлин уонна киинин үлэһитэ.

 

 

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *