С 11 по 20 июля в городе Хэйхэ провинции Хэйлунцзян (КНР) в рамках встречи малочисленных народов Китая прошли мастер-классы по игре на хомусе от якутского мастера-изготовителя Седалищева Иннокентия Михайловича. На мастер-класс съехались более 120-ти представителей малочисленных народов из разных уголков Китая (орочоны, дауры, маньчжуры, ханьцы и др.), среди которых были учителя музыки, певцы, работники правительства и другие отдельные любители хомусной музыки.
Седалищев И.М. (Мастер-изготовитель хомусов, Чурапчинский улус, село Бахсы):
— Это был мой первый опыт участия в мероприятии такого уровня. Обучать игре на хомусе людей, которые никогда не держали его в руках, а некоторые даже и не видели, было поначалу немного сложно, но счастью, рядом была переводчица с якутского на китайский язык, поэтому потом все пошло как по маслу и мы с учениками начали отлично друг друга понимать. Жителей Поднебесной удивили мои хомусы, изготовленные по разным нотам. Правительство КНР в Хэйхэ выразило желание создать в будущем целый хомусный оркестр, который бы играл музыкальные композиции по разным нотам. Мне кажется, что претворение этой идеи в жизнь не за горами – они составили себе аудио-видео-визуальную медиатеку, что поможет им в будущем самостоятельно заниматься игре на хомусе.
В следующий раз выразили желание пригласить нас с мастер-классами по хомусу для уйгуров в Синьцзян-Уйгурский автономный округ. Оказывается , там у них есть свой хомус и что меня удивило, язык их, также как и якутский, относится к тюркской языковой семье. Так что я был приятно удивлен и рад найти таких родственников на китайской земле.
Пользуясь случаем, от имени всей Якутии, я хотел бы выразить искреннюю благодарность живущим в Китае нашим землякам, переводчице из г. Даляня Мире Максимовой и директорам магазина в г. Благовещенске «Дары Якутии» Алине Дьячковской и ее супругу Лю-Юну, а также организаторам этого мероприятия – Правительству КНР в Хэйхэ!
_________________________________________________________
Кытай сиригэр алгыстаах хомус дуораана
От ыйын 11-20 күннэригэр Кытай сирин Хэйлунцзян провинциятын Хэйхэ куоратыгар Кытай иһигэр олорор а5ыйах ахсааннаах омуктар көрсүһүүлэрин чэрчитинэн хомус ууһа Седалищев Иннокентий Михайлович хомуска оонньуурга үөрэтиигэ мастер-класс ыытта. Мастер-класка Кытай атын муннуктарыттан араас аҕыйах ахсааннаах омуктар мустан түмсэн кэлбиттэр (орочооннор, даурдар, монжуурдар, ханестар уо.д.а.). Ортотунан 120 тахса киһи саха хомуһугар таба оонньуурга уһуйулуннулар. Олор быыстарыгар музыка учууталлара, ырыаһыттар, правительство үлэһиттэрэ уонна да атын биирдиилээн бэйэлэрэ баҕалаах дьоннор кытыннылар.
Седалищев И.М.(Уус, Чурапчы ул, Бахсы нэһ.):
— Бу маннык таһымнаах тэрээһин миэхэ аан бастакы уопутум буолар. Биллэн турар хомус диэни эрдэ көрбөтөх истибэтэх уонна олох атын тыллаах дьоҥҥо үөрэтэр уустук соҕус эбит. Дьолго сахалыыттан кытайдыы тылга тылбаасчыттаах буолан олус бэркэ өйдөһөн сырыттыбыт. Олохтоохтор хомустарбын нотанан оҥорорбун сэҥээрэ иһиттилэр. Аныгыскы сырыыга адьас ноталарынан арааран хомус оркестрын туруоран көрүөхтэрин баҕардылар. Мин санаабар ол ыраахтан буолбатаҕа буолуо, аудио видео визуальнай медиатека оҥоһуннулар салгыы бэйэлэрэ хаалан дьарыктаналларыгар оннук олус туһалыаҕа.
Кэлэр сырыыга Кытай уйгуурдарыгар Синьцзян-Уйгуурскай автономнай округар ыҥырыах буоллулар. Кинилэр эмиэ хомустаах эбиттэр уонна биир сүрүн уратылара диэн тыллара тюрскай эбит. Онон Кытай сиригэр аймахтарбыт баалларын билэн үөрэ санаатым.
Түгэнинэн туһанан Саха сирин аатыттан иилээн саҕалаан илдьэ сылдьыбыт Кытайга олорор биир дойдулаахтарбар тылбаасчыппар Мира Максимоваҕа (Далянь куорат), “Дары Якутии” маҕаһыын дириэктэрдэригэр Алина Дьячковскаяҕа кини кэргэнигэр Лю Йюҥҥа (Благовещенскай куорат) уонна биһигини көрсүбүт Хэйхэ правительствотыгар улахан барҕа махталбын тиэрдэбин!