Ытык-мааны Спиридон Спиридонович!
Эйигин, билиҥҥи кэм уһулуччулаах хомусчутун, улахан Учууталы, үтүө доҕорбутун 65 дьоһун сааскын туолбут кэрэ-бэлиэ күҥҥүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит!
Испирдиэн, Эн айар-тутар үлэҥ бүтүннүүтэ төрөөбүт норуотуҥ үөрэҕириитин, култууратын сайыннарар туруу дьулуургар түмүллэрин таһынан, Илиҥҥи уонна Арҕааҥҥы дойдулар дьоннорунуун доҕордуу сыһыаны олохсуппута туһаайыллан, талба талааныҥ аҕыс кырыыта күлүмүрдээн, хомус муусукатын дьүрүһүтэн тиийэн кэлбитиҥ — барыта сөҕүмэр ситиһии!
Күндү Спиридон Спиридонович, ситиһииҥ салгыы силигилиирин туһугар дьүккүөрүн мөлтөөбөтүн, тус бэйэҥ туругуҥ тубустар тубустун, киэҥ эйгэҕэ үтүө дьайыыҥ уостубатын, дьонуҥ-сэргэҥ, дьиэ кэргэниҥ өрүү өйөбүлэ бигэ тулааһын буоллун, Хомуһуҥ дьикти тойуга Аан дойдуну араҥаччылыыр анала ахсаабатын диэн алгыыбыт, уруйдуубут-айхаллыыбыт! Дом!