Бастакы идэтийбит хомусчут,
Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, аан дойду виртуоз – хомусчута,
Бүөтүр Оҕотоойоп төрөөбүтэ 55 сылын көрсө
ХОМУС ЫЬЫАҔАР «ХОМУС УОЛАН»
өрөспүүбүлүкэтээҕи биирдиилээн толорууга күрэс тосхоло
Күрэс ыытыллар бириэмэтэ: бэс ыйын 12 күнэ, 2016 сыл, киэһэ 19 чаастан
Күрэс ыытыллар сирэ: Уус-Алдан улууһа, Кэптэни бөһүөлэгэ, Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киин.
Күрэс тэрийээччилэрэ:
«Уус-Алдан улууһа (оройуона)» МО дьаһалтата;
«Лөгөй нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата;
Хомус Аан дойдутааҕы Киинэ уонна Түмэлэ;
Күрэс сыала – соруга:
- Хомуһунан дьүһүйэн айыллыбыт айымньылары киэҥ эйгэҕэ таһаарыы;
- П.Оготоев хомуска тардыбыт ньымаларын киэҥ эйгэҕэ таһаары, тарҕатыы;
- Хомус салгыы сайдарыгар саҥа хайысханы тобулуу;
- Хомус эйгэтин кэҥэтии;
- Саҥа ааттары арыйыы;
Кыттааччылар түһүмэхтэрэ:
- Бэйэни билиһиннэрии.
- Хомуска сыыйа тардан оонньооьун;
- Дьүһүйүү (П.Оготоев хомуска тардыбыт ньымаларын туһанан);
- Ыйытыыларга хоруйдааһын (П.Оготоев, хомус туһунан ыйытыылар);
Күрэс ыытыллар бэрээдэгэ:
- Күрэххэ 17-тэн 30-гэр дылы саастаах уоланнар кытталлар. Кыттыы иһин төлөбүр: 500 солк.
- Дьүүллүүр сүбэҕэ виртуоз хомусчуттар, музыкааннар, улуустааҕы культура управлениетыттан ыҥырыллаллар.
- Дьүүллүүр сүбэ 5-тии баалынан кыттааччылары сыаналыыр.
- Дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта уопсай дьүүлгэ тахсыбат.
- Кыттааччылар кэлэр-барар бырайыастарын уонна аһыыр аһылыктарын бэйэлэрэ төлүүллэр.
Наҕараадалааһын:
- Көрүү түмүгүнэн кыайыылаахха «Хомус Уолан» сүрүн бириис, анал ааттар иҥэриллэллэр.
Сайаапкалары бэс ыйын 10 күнүгэр дылы биэрэҕит:
- Бүөтүр Оҕотоойоп аатынан сынньалаҥ киин: Попова Марианна Фред — 8(914) 301-21-05, Сыроватская Вера Егоровна – 8(914) 226-36-47
- Улуустааҕы культура управлениета – тел/факс: 8 (41161) 41-095,
Федорова Анна Егоровна – 8 (914) 266-47-73, Обутова Саина Михайловна – 8 (924)866-79-38
677027 Республика Саха (Якутия), г. Якутск, ул. Кирова 31, Музей и Центр хомуса народов мира, телефон: 8(4112) 36-17-92, факс 8(4112) 42-86-75.