Бастакы идэтийбит хомусчут,
Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, аан дойду виртуоз-хомусчута,
Бүөтүр Оҕотоойоп төрөөбүтэ 55 сылын көрсө
ХОМУС ЫЬЫАҔАР «Хомус кутуллар дорҕооно»
өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕин балаһыанньата
Күрэх ыытыллар бириэмэтэ: бэс ыйын 12 күнэ, 2016 сыл, күнүс 13 чаастан
Күрэх ыытыллар сирэ: Уус-Алдан улууһа, Кэптэни бөһүөлэгэ, ыһыахтыыр түһүлгэ, «Хомус» түһүлгэтэ.
Күрэх тэрийээччилэрэ:
- «Уус-Алдан улууһа (оройуона)» МО дьаһалтата;
- «Лөгөй нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата;
- Хомус Аандойдутааҕы Киинэ уонна Түмэлэ;
- Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Уус-Алдан улууһун ырыа айааччыларын Сойуустара.
Күрэх сыала – соруга:
- Хомуһу ырыанан дьүһүйэн айыллыбыт айымньылары киэҥ эйгэҕэ таһаарыы;
- Хомус туһунан саҥа ырыалар айыллалларыгар төһүү буолуу;
- Хомус салгыы сайдарыгар саҥа хайысханы тобулуу;
- Хомус эйгэтин кэҥэтии;
- Ырыа билиҥҥи туругун көрүү, саха омук ырыаҕа айымньытын ис кыаҕын, толоруллар ньыматын таһымын үрдэтии;
- Киһи аймах дойдуга, айылҕаҕа, олоххо тапталын кэрэ эйгэтин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ иитии;
- Саха ырыатыгар тыынннаах доҕуһуолу сөргүтүү (хомус, кырыымпа, сахалыы инстуменнарыгар уо.д.а.)
Күрэххэ кыттааччы сүрүн ирдэбиллэрэ:
- Күрэххэ 14-тан үөһээ саастаахтар (солистар, дуэттар, триолар, вокальнай ансамбыллар) кытталлар.
- Кыттааччылар 1-дии хомус туһунан ырыаны бэлэмнииллэр.
- Хаачыстыбалаах фонограмма, тыыннаах доҕуһуол көҥүллэнэр.
- Тупсаҕай көстүүлээх сцена көстүүмэ ирдэнэр.
- Кыттыы иһин биирдиилээн дьонтон төлөбүр – 300 солк., дуэт, трио – 500 солк., ансамбыллар -1000 солкуобай.
- Кэлии – барыы ороскуотун кыттааччы бэйэтэ уйунар.
Күрэх түмүгүнэн олохтонор наҕараадалар:
- Көрүү түмүгүнэн Гран – при, I, II, III степеннээх лауреаттар, дипломаннар олохтоноллор, анал ааттар ананаллар.
Билсэр телефоннаргыт:
- Улуустааҕы культура управлениета – тел/факс: 8 (41161) 41-095, 41-501
Федорова Анна Егоровна – 8 (914) 266-47-73
Обутова Саина Михайловна – 8 (924) 866-79-38
Лөгөй нэһилиэгин П.Н. Гоголев аатынан Хомустаахтааҕы сынньалаҥ киинэ – директор Бечеканова Анна Семеновна – 8 (964) 422-27-68