Бастакы идэтийбит хомусчут,

Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, аан дойду виртуоз-хомусчута,

Бүөтүр Оҕотоойоп төрөөбүтэ 55 сылын көрсө

ХОМУС ЫЬЫАҔАР  

«Бастыҥ ыллыыр хомус»

өрөспүүбүлүкэтээҕи хомус уустарын күрэҕин тосхоло

 

Буолар күнэ: бэс ыйын 12 күнэ, 2016 сыл

Буолар сирэ: Лөгөй нэһилиэгэ, Кэптэни бөһүөлэгэ, ыһыахтыыр түһүлгэ

 

Тэрийээччилэр:

  • «Уус-Алдан улууһа (оройуона)» МО дьаһалтата;
  •  «Лөгөй нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата;
  • Хомус Аан дойдутааҕы Киинэ уонна Түмэлэ;
  • Саха сирин тимир уустарын сойууһа.

 

Сыала-соруга:

  1. Хомус оҥоруута сайдарын ситиһии, көҕүлээһин
  2. Саамай учугэй тыастах хомус уустарын талыы
  3. Саҥа саҕалааччылары өйөөһүн, көҕүлээһин
  4. Уустарбыт оҥорбут хомустарын киэҥ эйгэҕэ таһаарыы
  5. Уустар бэйэ-бэйэлэрин уопуттарын, оҥорор ньымаларын атастаһыы

 

Күрэх ирдэбилэ:

Күрэххэ сааһыттан хааччаҕа суох кытталлар, дьүүллүүр сүбэ оҕолор, улахан дьон диэн туспа арааран сыаналыаҕа.

Күрэххэ уустар 2 хомус корпуһун бэлэмнээн аҕалаҕыт. Тэрийэр комиссия 2 хомус тылын бэлэмниир, ону ыйыллыбыт бириэмэҕэ бэйэҕит корпускутугар олордоҕут. Бастакы хомускутун тэтимнээх оонньууга, иккис хомускутун сыыйа тардыыга анаан оҥороҕут.

Тэрийэр комиссия электричествонан, чочунан, үлэлиир миэстэнэн хааччыйар, онтон атын инструменнаргытын бэйэҕит илдьэ кэлэҕит.

Уус бэйэтин билиһиннэрэр, хомуска оонньоон иһитиннэрэр, хомуһун дьүүллүүр сүбэҕэ көмүскүүр.

Кыттыы иһин төлөбүр улахан дьоҥҥо 500 солк., оҕолорго төлөбүрэ суох.

 

Наҕараадалааһын:

Оҕолорго – Чаҕылхай аат 1, 2, 3 үрдэлэ, «Кэскиллээх хомус ууһа» анал аат туттарыллыахтара.

Улахан дьоҥҥо – Чыпчаал аат, Чаҕылхай аат 1, 2, 3 үрдэлэ, «Көмүс дорҕоон», «Ырыа хомус», «Тойуксут хомус» анал ааттар туттарыллыахтара.

 

 

 

Билсэр телефоннаргыт: 8 (41161) 41-095 Уус-Алдан улууһун культураҕа управленията;

8 (4112) 42-86-75 Хомус Аан дойдутааҕы түмэлэ;

89246611986 Саха сирин тимир уустарын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Готовцев Р.И.-Мындыр Уус;

89142636955 культура управлениетын специалиһа Герасимова М.Н..

Электроннай аадырыс: annafedora@mail.ru

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *