Дьокуускай куорат культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтата
Хомус Аан дойдутааҕы Музейа уонна Киинэ
Республикатааҕы»Туймаада ыһыаҕа-2010″
күргүѳмүнэн тардар хомусчуттарга аналлаах
«Хомус дьүһүйэр дьүрүлгэнэ»
күрэх балаhыанньата
Ыытыллар сирэ: Дьокуускай куорат, «Үс хатыҥ», Атласовтар комплекстара «Сата Тааhа»
Ыытыллар күнэ: бэс ыйын 26 күнэ 2010 сыл, күнүс 14 чаастан
Көрүү сыала: Хомуска күргүѳмүнэн тардыы үгэстэрин үйэтитии, уус-уран дьүһүйүүгэ талыллыбыт тиэмэ хайдах арылларын көрүү.
Көрүү соруга:
- Хомус музыката норуот ырыатын кытта алтыhыыта;
- Хомуска күргүѳмүнэн уус-уран дьүhүйүүнү сайыннарыы, тарҕатыы;
- Саха хомус тардар оскуолатын сайыннарыы;
Көрүү усулуобуйата:
4-6 мүн. айымньы толоруллар;
ирдэбиллэр:
тематическэй (х-р: норуот ырыата, дьыл кэмнэрэ, айылҕа көстүүтэ, таптал лириката, сиэр-туом көстүүтэ, норуот үhүйээнэ, сэhэнэ, олоҥхо уо.д.а.)
Хомус айымньытыгар фонограмма киллэhик эрэ быhыытынан туттуллар;
Норуот инструменнарын киллэрии биhирэнэр;
Оскуола саастаах оҕолор:
I бөлөх — 10-14 с.;
II бөлөх 15-17 с.;
Улахан дьон:
I бөлөх — 18-25 саас
II бөлөх — 25 үөһэ саас .
Кыттааччы сахалыы таҥастаах буолуохтаах;
Кыттыы иhин бөлөх хас биирдии киhититтэн 100 солкуобай;
Сыаналааһын: дьүүллүүр сүбэ айымньыны 5 бааллаах таһымынан сыаналыыр;
Дьүүллүүр сүбэ састааба: Хомус Музейын уонна Киинин специалистара, норуот уус-уран айымньытын биллиилээх дьоно;
Наҕараадалааhын: дьүүллүүр сүбэ быhаарыытынан I, II, III степеннээх лауреаттар, дипломаннар талыллаллар, анал бириистэр туттарыллаллар.
Үбүлээһин: Хонук сир, аһылык ороскуотун күрэхтэһэ тиийбит кыттааччы барытын бэйэтэ уйунар.
Сайаапкалар бэс ыйын 23 күнүгэр диэри ылыллаллар.
Билсэр телефоннаргыт:
Дьокуускай куорат, Киров уул. 31, тел.(8411-2) 36-17-92, т/Ф — 42-86-75
Тэрийэр бөлөх