— Киһи төрөөбүт дойдутун илгэлээх тыыныгар иитиллэн улаатан киһи-хара, киһи киһитэ буола үүнэн тахсар. Эн төрөөбүт-үөскээбит түөлбэҥ, дьонуҥ-сэргэҥ туһунан тугу кэпсиэҥ этэй?
— Мин оҕо сааһым Мэҥэ-Хаҥалас Табаҕатыгар, кэрэ айылҕалаах, сүрдээх дириҥ устуоруйалаах, тарбахха баттанар бастыҥ дьонноох хомус биир улахан түөлбэтигэр ааспыта. Амынньыкы Уус хомуһа ыал аайы баар буолара, биллэр-көстөр хомусчуттар Анатолий Чыычаахап, Спиридон Шишигин, Федора Гоголева Табаҕаттан тахсыбыттара, Романова Елена Петровна-Өлөөнчүк кырдьаҕас хомустуурун сэҥээрэ истэрбит. Нэһилиэккэ ыалынан хомус тардыы баара, Мааркаптар, Шишигиттэр, Васильевтар дьиэ кэргэннэрэ хомус куттаах ыалларынан биллэллэрэ.
Биһиги төрөппүт ийэбит Зоя Николаевна Аргунова эмиэ хомустуура эбитэ үһү. Кини мин 6 саастаахпар олохтон туораабыта.
— Хайдах майгылаах-сигилилээх киһи буолан тахсыы, биллэн турар, төрөппүт иитииттэн, бэйэтин тус холобуруттан тутулуктаах, манна дьонуҥ туһунан тугу кэпсиэҥ этэй?
— Аҕабыт Спиридон Васильевич патриоттуу тыыннаах киһи, уоттаах сэрии кыттыылааҕа, биллэр общественник этэ. Ииппит ийэбит Евдокия Федоровна Афанасьева нуучча тылын уонна литературатын учууталынан үлэлии кэлбит кыыс алта оҕолоох огдообо киһиэхэ кэргэн тахсыбыт, кини аҕабытынаан биһиги учуутал идэтин таларбытыгар улахан сабыдыалы оҥорбуттара. Аҕабыт уолаттарыгар саарбаҕа суох авторитеттааҕа. Аҕам “Будь человеко-человечной, дорогуша”, — диэн суруйан бэлэхтээбит хаартыскатын алгыһын курдук ылынан, олохпун, үлэбин-сырыыбын ити тылларынан салайынан баччааҥҥа диэри кэллим.
— Уһуйааччы педагог быһыытынан хомус тардар оҕо атын оҕолортон туох уратылаах улаатарын бэлиэтии көрөҕүн?
— Хомус тардыытын нөҥүө оҕолор сахалыы киһилии майгылаах буола иитиллэн тахсалларыгар болҕомтобун уурабын.
— Педагог буолар суолуҥ туохтан саҕаламмытай?
— 19 саастаахпар Чурапчы 1 нүөмэрдээх оскуолатыгар пионер баһаатайынан ананан үлэлээбитим. Онтон дойдубар, Мэҥэм сиригэр, төннөн кэлэн пенсияҕа тахсыахпар диэри пионербаһаатайынан, оҕо тэрилтэтин салайааччытынан үлэлээбитим, оскуолам көхтөөх, күөстүү оргуйар олоҕун элбэх ситиһиитэ үлэлииргэ төһүү күүс буолара, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ сүрдээх көхтөөх этилэр. “Музыка для всех” бырайыакка хомус киирбэтэҕэ, мин санаабар, сыыһа этэ, классическай инструменнары сэргэ национальнай инструменнар киирэллэрэ оруннаах этэ. 2004 сыллаахха бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран Дьокуускайга Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар үлэлиэхпиттэн куорат оҕотун саха хомуһун эйгэтигэр киллэрэргэ балачча үлэлэстим. Бастаан үлэҕэ киирэрбэр Куорат оҕолоро саастаах киһини ылыныахтара дуо, — диэн толкуйга түһэрим. Ол бастакы санаа этэ. Оҕо санаатын табар, нууччалыы эттэххэ кинини чувствуйдуур буоллахха, оҕо чугаһыыр, санаатын аһаҕастык этэр буолар. Киһини оҕо ылынара – педагог дьоло дии саныыбын. Куоракка киирэн баран Оҕо дыбарыаһыгар үлэлиэхпин баҕарар этим. Тыа сирин баһаатайдарыгар Фаина Андреевна Авдеева холобур этэ. Ол баҕа санаам туолан баҕалаах оҕолору оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри оҕолору хомус тардарга дьарыктыыбын. Даҕатан эттэххэ, Фаина Авдееваны, Нина Барашкованы кытта “Оҕо тэрилтэлэрин Союһун уонна оҕо Аан дойдутааҕы хамсааһынын Россия Бочуоттаах бэлиэтин” ылбыт дьоллоохпун.
— Үлэбэр сүрүн хайысхам – уол оҕону кытта үлэ. Маныаха утумнаахтык-ситимнээхтик үлэлииргэ 7-с нүөмэрдээх оскуола Анна Афанасьевна Неустроева диэн үтүөкэн учууталлыын алтыһан, кини үөрэтэр кылаастарын кытта таһаарыылаахтык үлэлэһэбит.
Кэскил хаһыат кэрэспэдьиэнэ Таисия Алексеева:”Оҕолор Агния Спиридоновна дьарыгар талаһан туран кэлэллэр”,- диэн суруйбуттаах. Оҕолор төрөппүттэрэ уонна учууталлара өйүүр буоланнар кырдьык хомус тардар баҕалара улахан. Биир түгэни бэлиэтиэхпин баҕарабын. Нууччалыы эйгэҕэ улааппыт оҕо ылбычча саха тылыгар төннүбэт, эрээри хомус эйгэтигэр куорат оҕото төрүт культураҕа, сиэр-майгы өттүгэр иитиллэр.
— Ситиһиилэринэн киэн туттар оҕолордооҕуҥ буолуо?
— Бааллар бөҕө буоллаҕа, Владислав Васильев, Павел Скрябин, Саша Поскачин, Айан Кириллов улаатан устудьуон буоллулар, “ХИФУ мистерэ” күрэххэ ситиһиилээхтик кытталлар, айанныыллар, сибээспитин быспаппыт. Университет күрэҕэр көрө, ыалдьа кэл диэн ыҥырбыттарын кыайан барбаккабын оҕолорум кыратык хомойбуттар этэ. “Хайаан да кыайаҕыт, эһиги оннук кыахтааххыт,”- диэн программалаан, өйдөрүн-санааларын иитэн атаардахха, оҕолор сүргэлиин көтөҕүллэн кыайыы көтөллөнөн кэлэллэр. 8 кылааска үөрэнэр кэмнэригэр 7-с оскуола уолаттара “Хоровод дружбы” республикатааҕы фольклорнай фестивальга Гран-при ылар чиэскэ тиксибиттэрин Саша Поскачин сонно эрийэн этэн үөрүүлэрин үллэстибиттэрэ саныахха сүрдээх үчүгэйэ. Ол кэмҥэ 17-с оскуола оҕолорун кытта Соҕуруу Кореяҕа атын фестивальга кытта сылдьыбыт кыргыттарбарда ситиһиилээх оҕолордоохпун чорботон бэлиэтиибин импровизатор хомусчут аатын ылбыт Венера Николаева, Настя Петрова. Уопсайа түөрт төгүл Гран-при ылан үөрдэн тураллар дьарыктаабыт оҕолорум. Итиннэ даҕатан эттэххэ, “Музыка для всех” бырайыакка хомус киирбэтэҕэ, мин санаабар, сыыһа этэ, классическай инструменнары сэргэ национальнай инструменнар киирэллэрэ оруннаах. Саҕалаабыты түмүктүөххэ, туруоруммут сыалы ситиһиэххэ наада диэн бигэтик өйдүү үөрэнэннэр, ол өйдөбүлүнэн сиэттэрэн устудьуон олоҕор үктэнэллэр. Тус бэйэм улахан хомусчут буолбатахпын эрээри, уһуйааччы педагог быһыытынан 2022 сылга “Этигэн хомус” түмсүүм 20 сылын бэлиэтиэхпит. 2012 сыллаахха “Этигэн хомус” 10 сыллаах тэрээһинигэр 200 оҕо ньиргиччи тэҥинэн оонньоон турар, ону Хомус Уйбаан–И.Е.Алексеев тыл этиитигэр ахтан аһарбыта. Итиннэ тирэҕирэн 2022с. үбүлүөйдээх хомус бырааһынньыгар “Этигэн хомуска” сылдьыбыт ыччаты-оҕону барытын түмэн дьон-сэргэ көрүүтүгэр таһааран көрдөрөр баҕа санаалаахпын.
— Педагог буолуу атын идэлэртэн уратылаах идэ эбит диэн санааҕа кэллибит?
— Тус бэйэм педагог буолуум дьылҕам ыйааҕа, уһуйарга, үөрэтэргэ ананан кэлбиппин дии саныыбын. Холобура , убайым Спиридон айылҕаттан хомусчут буолар аналлаах кэлбит эбит буоллаҕына, мин уһуйааччы быһыытынан сыалланан-соруктанан кэлбит киһибин диэххэ сөп. Педагог буоларга сүрүн ирдэбил — оҕону таптыахха наада, таптыыр буоллаххына үөрэтэр методикаҥ тахсан кэлэр. Онно Спиридон Шишигин пособиета, Хомус Уйбаан этиилэрэ, кырдьаҕас көлүөнэ хомус тардар ньымалара – о.д.а.киирэр.
— Хомус тардыыта туох ураты дьайыылаах дьарыгый, эн санааҕар?
— Киһи киһилии майгылаах иитиллэн тахсарыгар көмөлөөх, эмтиир, уоскутар аналлаах, чөл туругу тутар уонна сүрүнэ киэҥ эйгэҕэ тахсарыгар кынаттыыр, аныгылыы эттэххэ, социализацияланарыгар тирэх буолар.
— Эдэр ыччакка туһаайан тугу этиэҥ, сүбэлиэҥ этэй?
— Олоҕу таптыахха наада. Үлэни дьиэ кэргэни кытары дьүөрэлии тутан үлэлиэххэ-хамсыахха.
— Эһиги бииргэ төрөөбүттэр саха культуратын үөрэтиигэ, пропагандалааһыҥҥа, сайыннарыыга сүҥкэннээх кылааты киллэрдигит, маныаха саха дьоно эһиэхэ махтанабыт уонна маннык ураты дьоһун суолгут-иискит кэнэҕэс кэлэр көлүөнэлэргэ бастыҥ холобур буола турдун диэн баҕа санаабытын этэбит.
— Саха хомуһа үйэлэргэ дьүрүһүйдүн!

2B6A08875O0B4204

Жиркова А.С.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *