Саха хомуһун чинчийээччи, тарҕатааччы, үөрэнээччилэргэ хомуска бастакы научнай практическай конференцияны тэрийбит уонна авторскай курстары ыытааччы Антонина Константиновна Никитина үбүлүөйүгэр аналлаах «Төрөөбүт түөлбэм төрүт дьонун хоһоонноох тойуктаах хомуһун санааммын…» айар киэһэ буолла. Хомус дьүрүһүйэр тыаһын оҕо эрдэҕиттэн төрөөбүт туонатын дьонуттан истэн, сүрэҕэр-быарыгар иҥэринэн улааппытын кытары, олоҕун ымыыта оҥостон, Антонина Константиновна билигин да айар үлэ үөһүгэр сылдьар. Сайыҥҥы өттүгэр лааҕыры аһан үлэлэппитин сэргэ, төрөөбүт нэһилиэгэр Тойбохойдооҕу музейга хомус хоһун арыйан үлэлэтэ сылдьар. Антонина Константиновна хомуска аналлаах хас да кинигэ, үөрэх пособиетын ааптара. Маны сэргэ хомус баай коллекциятын хаһаайына, Сунтаар улууһун хомусчуттарын,маастардарын туһунан эриэккэс үчүгэй кинигэлээх. Дьоро киэһэтин бастакы түһүмэҕэ алгыһынан саҕаланна. Иккис түһүмэххэ Антонина Константиновналыын истиҥ иһирэх кэпсэтиини суруналыыс Марта Николаева иилээн-саҕалаан ыытта. Антонина ис дууһатыттан арыллан олорон төрүттэрин,ийэлээх аҕатын туһунан кэпсээтэ. Кыра оҕо эрдэҕиттэн хомуһу сэргээн тарда үөрэммит эбит. Ол иһин төрөппүттэрэ уустан хомус атыыласпыттар. Ол төлөбүрүн, уус үлэһиитинэн,Владивостокка үөрэнэр убайыгар Анатолийга илим сакаастаан туран төлөспүттэр. Хомуска тардыһыытын ийэлээх аҕата улаханнык өйөөбүттэр, оҕолорун олоҕор сүрүн олук буоларыгар чопчу көмөлөспүттэр эбит.
Антонина Константиновна коллекционер быһыытынан 70-тан тахса хомустаах. Кини түөлбэтин хомуһун чинчийэригэр үөрэтээччитэ профессор Иван Егорович Алексеев-Хомус Уйбаан сорудах биэрэн, бэйэтэ этэринии боломуочунай быһыытынан чинчийэр үлэтин саҕалаабыта. Ол дьарыгын ыһыктыбакка сылдьар. Авторскай курстарыгар үөрэммит өрөспүүбүлүкэ педагогтара махталлара муҥура суох. Хомус тардыыта оҕо уһуйааннарыгар, оскуолаларга сайда турарыгар бу курс өҥөтө саарбаҕа суох. Бу үтүө киэһэҕэ Антонина Константиновна коллекциятын хомустарын биллэр толорооччулар тардан дьүрүһүттүлэр.Ол курдук Амынньыкы уус хомуһун профессор,хомусчут Иван Алексеев,Барылаан уус хомуһун Роман Готовцев, Хабычча уус-Альбина Дегтярева, Уол Сыҥырыа— Николай Жирков, Лука Тимофеев хомуһун— Мария Данилова, аныгы үйэ маастардарын хомуһун: Василий Уаров— Туяра Жиркова,Егор Тартаков хомуһун— Эркин Алексеев,Дмитрий Николаев хомуһун— Дмитрий Бястинов,Кирилл Петров хомуһун— Андрей Федоров оонньоон иһитиннэрдилэр.
Антонина Константиновнаҕа үтүө тылларын хомуска учуутала профессор Иван Алексеев-Хомус-Уйбаан,техническэй наука кандидата,уустар республикатааҕы ассоциацияларын салайааччыта Николай Бурцев,ЕНМЦ урукку директора,культура бэтэрээнэ,үтүөкэннээх салайааччы Г.Г.Софронов,культура талааннаах методиһа Зоя Сысолятина,СР үтүөлээх артыыһа Дмитрий Иванов,Тоҕой Сэлэ куораттааҕы түмсүүтүттэн,авторскай курсун үөрэнээччилэрэ,Тойбохойтон учуутала А.А.Мохова,сүгүрүйээччилэрэ махтал,алгыс тылларын эттилэр, чинчийэр, айар үлэтин үрдүктүк сыаналаатылар. Сахалыы истиҥ кэпсэтии манна этилиннэ,хомус дорҕооно куйаарга дьүрүһүйдэ. Күндү талааннаах биир дойдулаахпыт,хомуһу чинчийээччи,тарҕатааччы,үөрэтээччи Антонина Константиновнаҕа махтанан туран, алгыстаах үлэтэ сайаҕас майгытынан салҕана, кэҥии турарыгар баҕарабыт.