К.Д. Уткин — саха тимирин тиэрминнэрин чинчийээччи
К.Д. Уткин «Черная металлургия якутов второй половины ХIX — начала XX вв.» монографиятын «Профессиональная лексика якутской металлургии» диэн бүтэһик баһыгар идэтийбит уустар, тимир уһаарааччылар туттар тылларыгар болҕомтотун уурбута уонна араас өрүттээх кыһалҕалары быһаарарга этии киллэрбит. Ол курдук, саха тимирин тиэрминин тарҕаныытыгар, уустар уонна уһаарааччылар туттар тылларын икки ардыгар баар тыллар араастаһыыларыгар, билим уонна идэтийбит уустар туттар тылларын өйдөбүллэрэ сорох түгэҥҥэ сөп түбэһиспэт буолуутугар болҕомто уурарга эппитэ. Мас, тимир уустарын, туой охсооччулар, иистэнньэҥнэр, тирии имитээччилэр туттар тылларын чинчийэн, идэтийбит уустар туттар тыллара диэн туспа тиэрмин тылдьытын оҥорон таһаарыы наадатын ыйбыта. Ол билигин кыалла илик.
Ксенофонт Дмитриевич уустар туттар тылларын баайын уһаарыы хаамыытынан сааһылаабыт. Барыта 75 тылы быһаарбыт. Манна уус туттар тэрилин аата-суола, уһаарыы ымпык-чымпык тыллара, араас тимир тэрили охсууга туттуллар тыллар-өстөр эбилиннэхтэринэ, тимир тиэрминин ахсаана ыраатар.
Ааптар этэринэн, уустар туттар тыллара, узус быһыытынан ХХ үйэ саҕаланыытыгар дылы чөл туруктаах кэлбит. Билиҥҥи туругун көрдөххө, уһаарыыга уонна уһаныыга туттуллар тыллар сүнньүнэн туттуллаллар эрээри, сорох тыллар семантикалара (суолталара) умнулла быһыытыйбыттар. Холобур, «халааҥкы», «халаабыс», «күскэ», «холбо», «хабаан». Тиэрминнэр уопсай ахсааннарыттан 6,6% ылаллар уонна архаизмнар кэккэлэригэр киирэллэр. Сорох тыллар, холобур, «сирэй», «сэҥийэ», «кэтэх», «сүрэх», «иик», «саах», «тыһы», «атыыр» тыллар күннээҕи олоххо-дьаһахха туттуллар тыллар көнө суолталара көһөн, тэҥнэбил быһыытынан идэлээх уустар туттар тылларыгар кубулуйбуттар диэн бэлиэтиэххэ сөп. Тимир тиэрминнэрин уопсай ахсааныттан 10,6% ылаллар.
К.Д. Уткин суруйбут уһаарыы түһүмэхтэриттэн сиэргэ-туомҥа сыһыаннаах тиэрмиҥҥэ тохтуубут. Былыр даҕаны, билигин даҕаны уһаарыыга тутуһуллар сиэр-туом булгуччулаах буоларын информатор Павлов Иван Тимофеевич – Утум уус (Бүлүү, Хампа) бигэргэтэр. Кини этэринэн, билиҥҥи кэмҥэ үөһээ этиллибит сиэр-туом түһүмэхтэрэ булгуччу тутуһуллаллар. Арай ойуун Кыдай Бахсыга айах тутар, уһанар сэби хааннааһын сиэрдэрэ-туомнара умнуллубуттар. Ол эрээри ити түһүмэхтэри уустар өйдөрүнэн-санааларынан ылыналлар, эттэринэн-хааннарынан билэллэр. Билиҥҥи кэмҥэ «ууска уһуйтарыы» сиэрэ — туома диэн уһаныыга үөрэнэллэр, уһуйтараллар. «Уһаныыга сыстаҕас буоллун» диэн такайаллар, ол аата уһуйаллар. Эдэр киһини эбэтэр бэйэтин оҕотун «оҕом уус идэтигэр сыстаҕас» диэн бастаан балтаһытынан илдьэ сылдьан, кырдьаҕас уус бэйэтин идэтигэр үөрэтэ ылар. Хас да сыл үөрэтэр. Оттон уус кырдьан, ууһуттан аккаастанар кэмэ кэллэҕинэ, үөрэппит оҕотугар суохапчытын туттарар. Суохапчытын туттардаҕына, кырдьаҕас уус уһанарын тохтотор. «Суохапчы диэн уус кыһатын күүһэ. Суохапчы үүтүнэн ойууну даҕаны тэһэ көрүөн сөп», — диэн буолар. Эдэр ууска туттар тэрилин туран биэрэр, туттарар. Уус тоҕус көлүөнэ барар. Ол кэннэ тохтуохтаах. Онтон аһары бардаҕына, олоҕор охсуулаах буолуон сөп»,- диэн сэһэргиир информатор Утум уус.
Уткин К.Д. суруйбут «уһанар сэби хааннааһын» диэн сиэри-туому Намҥа Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр тэриллибит уһаарыыга былыргы сиэри тутуспуппут. Оҕус тыһаҕаһы өлөрөн, сэби хааннаабыппыт. Уһаарыыга элбэх улуустан уустар кытталлар диэн кыттыһан, былыргы сиэр-туом толоруллубута. Оҕус хаанын кыстыкка биспиппит, түһүлгэҕэ турар уһаарар оһох кытыытыгар хааны ыспыппыт. Сиэр-туом улаханнык айдаарбакка оҥоһуллубута. Ойуун суоҕа. Сиэр – туом толоруллар кэмигэр уустар туһунан толкуйдаах этибит: “Элбэх улуустан түмсэн, улуу уһаарыы ыытыллара этэҥҥэ аастын диэн», — диэн умнуллан эрэр былыргы сиэр-туом толоруллубутун туһунан информатор Иван Тимофеевич кэпсиир.
Түмүктээн эттэххэ, Ксенофонт Дмитриевич Уткин суруйан хаалларбыт тимир уһаарыытын хаамыыта, сиэрэ-туома, туттуллар тыла-өһө, сэбэ-сэбиргэлэ уруккулуу чөл туруктааҕын итэҕэйэбит. Учуонай Саха сиригэр тимири уһаарыы устуоруйатын дириҥник, олохтоохтук чинчийэн, көлүөнэ ыччакка дьоһуннаах бэлэҕи суруйан хаалларбыт.
Тимир ууһун кылгас тылдьыта
Уһаарыыга туттуллар тиэрминнэр:
- «Дэриэспэ/тириилээх таас»- тас хаҕа халыҥ, кытаанах таас, иһэ туой, тимирэ аҕыйах таас
- «тыыннаах таас» – элбэх тимирдээх таас
- «тириитэ суох таас» – булкааһа аҕыйах, түргэнник байытыллар таас
- «тимир буолар таас» – элбэх тимирдээх таас, таас тас көрүҥүттэн көрөн, хара, сүөһү быарын курдук дьүһүннээх буоларынан билэллэр, тойдоххо хараҥа дьүһүннээх буолар
- «тимир кыыма»- умайар сылдьар тимир ыһыахтанар кыыма
- «мас кыыма» – умайар мас ыһыахтанар кыыма
- «тимир иигэ» – болгуоттан арахсан, ууллубут тимир сааҕын сүүрдүү
Көмөр бэлэмнээһинигэр туттуллар тиэрминнэр:
- «Хабаан» – көмөр уматар оҥкучах эбэтэр чохтуур оҥкучах
- «моонньооһун тиит» – эһиилги уһаарыыга анаан, үүнэн турар тиити силиһин быһыта охсон эбэтэр хатырыгын миэтэрэ холобурдааҕы хастаан куурдуу
- «куруҥ тыа» – кураанах, хаппыт мастаах тыа
- «көмөрдьүт/көмөрдьүт уол» – көмөр/чох бэлэмниир киһи
- «көмөр/чох сиидэтэ» – көмөрү бөхтөн-сыыстан, күлтэн ыраастыырга аналлаах талах сиидэ
- «лаабыс» – уматар маһы чохчолооһун, сааһылаан уурталааһын
- «мас хоппо/куорам хоппо» – көмөр таһарга аналлаах улахан дьааһык
- «көҥдөй тиит» – эмэҕирбит үөстээх тиит төрдүн туойунан сыбаан, уһаарар оһох быһыытынан тутталлар
Уһаарар тимири бэлэмнииргэ туттуллар тиэрминнэр:
- «таас ичигэстээһинэ» – тимирдээх тааһы хомуйуу
- «тимир буолар таас» – тимирдээх таас
- «бугул/чохчо» – биир сиргэ чохчоломмут таас
- «тимир тааһа/быар тааһа/наадалаах таас» – тимирдээх таас
- «ылҕааһын» – илиинэн биир-биир хомуйуу
- «икки-үс бугул» – биэрэккэ чөмөхтөммүт таас
- «хас да сыарҕа таас» – хаста да кырынан тиэллэр таас
- «сыарҕа таас/холбо таас» – кээмэй, быһа холоон 20 буут
- «таас тойуута/үөрэлээһин» – урууданы биир тэҥ кээмэйдээх (тойуу саахар саҕа) гына бытарытыы
- «таас уматыыта» – тойуллубут тааһы анаан уматыы (байытыы)
- «чохтоох таас» – уһаарар оһоххо толору кутуллубут таас
Уһаарар оһох тиэрминнэрэ
- «Уһаарар оһох/титирик оһох» – тимир уһаарарга анаан тутуллубут оһох
- «оһох көҥдөйө» – оһох ураата
- «оһох хайаҕаһа» – чуолҕан, сорҕо угуллар хайаҕаһа, шлак тахсар сириттэн ойоҕостуу кыра хайаҕас
- «болгуо уйата» – болгуо мустарыгар анаан, оһох түгэҕэ чыычаах уйатын курдук быһыылаах гына оҥоһуллар, онно көмөр быыла кутуллар
- «эппиэччик» – уһаарар оһох сылааһын өр кэмҥэ тутан турарыгар анаан, бэрэбинэ эбэтэр орто маһынан 2,5х2,5 иэннээх акылаат оҥоһуллар, иһигэр толору буор кутуллар
- «тутум» – 12 бөрсүөк үрдүктээх оһох кээмэйэ, быһа холоон, 1 бөрсүөк 10 см тэҥнэһэр
- «болгуо тахсар аана» – уһаарар оһох тутуллар кэмигэр кирпииччэни бэйэ-бэйэтин баттаабат гына ууруллар, таһынан сыбаҕынан сыбанар, сорҕону утары хайысханан тутуһуллар
- «бүө таас» – былыргыга тимир сааҕын ииктэтэргэ бүөлүү анньар таастара буолуон сөп
- «сорҕо/сурҕаах» – күөрдү холбуурга аналлаах төгүрүк, төбөтүн диэки синньиир быһыылаах турба
- «күскэ» – күөрт оһох сорҕотугар холбонор тимирэ
- «уот уйата/уот көһүйэтэ/кыһа» – уот, уот оттор сир
Уһаарарга туттуллар тэриллэр тиэрминнэрэ
- «Күөрт» – чоҕу күөдьүтэргэ туттуллар тирииттэн оҥоһуллубут тэрил
- «тылбыы күөрт» – саха былыргы күөрдэ, бэрэмэдэй курдук тирииттэн оҥоһуллар, умнуллубут
- «халаабыс күөрт» – саха былыргы күөрдэ, бэрэмэдэй курдук тирииттэн оҥоһуллар, умнуллубут
- «баттааһын күөрт» – илиинэн баттаныллар улахан соҕус тирии күөрт
- «халааҥкы күөрт» – былыргы умнуллубут күөрт
- «тэптиргэ күөрт» – саха кэлиҥҥи күөрдэ, нууччалартан киирбит, тупсарыллыбыт, күөртүүргэ чэпчэки
- «холо» – алта бөрсүөк уһуннаах, икки бэлиэлээх мээрэйдиир көнө тимир, оһох көҥдөйүнэн үөһэттэн көмөр төһө түспүтүн кээмэйдииргэ туттуллар, бэлиэҕэ тиийбит буоллаҕына, көмөрү эбэллэр эбэтэр төһө буолбутун бэрэбиэркэлииллэр
- «чөлбөр тимир» – болгуону хостуурга аналлаах уһуктаах тимир луом
- «тимир быһар сүгэ» – сүгэ олугар иһэрдиллибит уһун уктаах тимир сүгэ
- «кэтэхтээх өтүйэ» – болгуону таҥастыырга туттуллар кэтит өнчөхтөөх өтүйэ
- «куоһаах тардар өтүйэ» – итии болгуоҕа сурааһын хаалларар, тардар өтүйэ
- «балта» – улахан өтүйэ
- «таас холҕото»- тимир уруудатын кутарга аналлаах куопсук курдук быһыылаах мас баһар күрдьэх эбэтэр куопсук
Тимир уһаарыытын тиэрминнэрэ
- «Тимир уһаарыыта» – тимир уһаарыытын хаамыыта
- «уһаарар уус» – тимир уһаарыытын сүрүннүүр уус
- «болгуо» – ууллан, биир сиргэ мунньуллубут көһөҥө тимир
- «тимир сааҕа» – тимир уруудатыттан арахсыбыт араас тимир холбоһугун убаҕаһа, кирэ-хаҕа
Тимир быһыы тиэрминнэрэ
- «Тимир батыыта» – болгуо синньигэс, чараас өттүнэн бата сүгэнэн быһыы
- «кырбастааһын/эттээһин» – болгуону өлүү-өлүү чаастарга араартааһын
- «кырбас тимир» – болгуо өлүүтэ
- «балтаһыт/ тимир быһар киһи «- болгуону, тимири балтанан саайталыыр киһи
Тимир хаачыстыбатын быһаарар тиэрминнэр
- «Тыһы тимир/хатан тимир/укулаат тимир/сүрэх тимир» – сырдык дьүһүннээх эллэнимтиэ тимир
- «атыыр тимир» – кытаанах, ньыгыл эрээри чугуун курдук ойдугас тимир
- «кэтэх тимир» – болгуо кэтэх өттө
- «бырыы уйан» – хатарыыны ылыммат, сыанаҕа турбат тимир
- «сирэй тимир»- болгуо үөһэ өттө, ыраас тимирэ
- «сэҥийэ тимир» – болгуо ойоҕос, киһи сэҥийэтигэр майгынныыр өттө
Уһаарыыга туттуллар сиэр-туом тиэрминнэрэ
- «Тойон эһэбит биэрбит/Аал уоппут биэрбит/оһохпут биэрбит»- уһаарыы табыллан, болгуо таҕыстаҕына этиллэр үөрүү тыллара
- «чокуттаран ыарыы» – умнан, Аал уот иччитин аһаппатахха, киһиэхэ бэриллэр тирии, сүһүөх, харах о. да а. ыарыылар
- «уус төрдө Кыдай Бахсы» – уус төрдө, араҥаччылыыр-харыстыыр Айыы
- «уһанар сэби хааннааһын» – уһанар тэрили сүөһү хаанынан сотуу
- «соо-соо» – ойуун Кыдай Бахсыга аттанарыгар саҥа аллайар тыла
- «кугас маҥаас/чүмэчи маҥан» – ойуун айах туттар сүөһүтүн дьүһүнэ
- «ууска уһуйтарыы» – уһанарга санаммыт киһи уус идэтигэр уһуйтарарга ааһар анала: ойуун кыаһаанын охсор кыахтаныыта, туттар тэриллэрэ ыраастаннаннар, уус суох даҕаны кэмигэр, салгын хамсаатаҕына, сытан эрэ тыаһыыр кыахтаныылара
Нуучча тылыттан киирбит тиэрминнэр
- «Нуучча тимирэ» – кэлии тимир
- «укулаат тимир» – болгуоттан ылыллар хаачыстыбалаах тимир
- «луом тимир» – болгуону хостуурга аналлаах уһун, тордуохтаах тимир
- «нуучча собуота» – Саха сиригэр бастакы тимир уһаарбыт собуот
Слепцова Е. П. Хомус түмэлин электроннай базатын сүрүннүүр үлэһитэ