Кылыадьы уус кыһатыттан саҕыллар санаалар…
Захаров Иван Федорович – Кылыадьы уус 1979 сыллаахтан хомуһу охсуунан дьарыктаммыт. Үйэ чиэппэриттэн ордук кэм устата мындыр толкуйун, сатабылын барытын ууран, хомус арааһын охсон, өбүгэ үнүстүрүмүөнүн тыаһын тупсарыыга бэйэтин тус суолун-ииһин тобулбута.
1990 сыллаахха тохсунньу 29 күнүнээҕи №0-10 бирикээһинэн кини 24 хомуһун Хомус түмэлэ атыылаһан турар. Ол хомустар муһуой научнай пуондатыгар «Кылыадьы уус кэллиэксийэтэ» диэн аатынан биллэр. Хомус Уйбааҥҥа анаан охсубут барельефтаах, «Эйэ», «Чиряев Гавриил Иосифович», «Алмаастаах Бүлүү», Ленин барельефтаах «Сэбиэскэй былаас 70 сыла», «Бүлүү гааһа», «Максим Кирович Аммосов», «Бүлүү куората», «Медицинэ үлэһиттэрэ», «Ленин», «Олоҥхо», «Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 350 сыла», «Саха сирэ», үөскэ олорор тус-туһунан туоннаах, икки тыллаах, биир тыллаах о. да а. араас быһыылаах-таһаалаах хомустара Хомус муһуойун аһыллыытыгар бастакы эспэнээт быһыытынан туоруллубуттара.
Кэлин, 2009 сыллаахха Эмиэрикэ учуонайа, варгановед Фредерик Крейн кэллиэксийэтэ кэлбитэ. Онно И.Е. Захаров 3 хомуһа баар: иккитэ – үгэскэ олоҕуран охсуллубут хомустар, биирэ – биһилэхтээх хомус. Биһилэхтээх хомус хаатын иһигэр И.Е. Алексеев бэлэх биэрбитин туһунан «Yakut Aift from Ivan Alekceev, 6-25-1988» диэн суруктаах. Онон, Хомус муһуойугар Кылыадьы уус 33 хомуһа хараллан сытар. Хомустара үгүстэрэ мындыр оҥоһуулаахтар, тус-туһунан тиэмэлээхтэр, аатыгар сөп түбэһэр ойуулаахтар-бичиктээхтэр, саха төрүт ньыматын тутуһан кутан да, охсон да оҥоһуллубуттар. Кини саха уустарыттан хомус сыҥааҕын үрүҥ көмүстэн, латуунтан кутан оҥоруу ньыматын бастакынан тобулан таһаарбыта. Хомуһун оҕустаҕын аайы «санаа хоту эҥсэн этэр хомуһу оҥордум ээ» диэн астыммакка, «өссө оҥоруом, састаабын эбиэм-көҕүрэтиэм» диэн саҥаттан-саҥа ньыманы көрдөөн, идэтин таһыччы баһылаабыта. «Саҥа састаабы киллэрдэҕим аайы хомуһум дорҕооно уларыйан иһэргэ дылы» диэн хомус төрүт сахалыы дорҕоонун көрдүүр эспэримиэнин тохтоппотоҕо. Сорох хомуһун судургу быһыытын-таһаатын тупсаран, саха норуотун олоҕун сиэрин көрдөрөр оһуорун-бичигин, айылҕа кэрэ көстүүлэрин, «алаас», «Аал Луук мас», «сэргэ», «балаҕан» символ ойууларын киллэртээн биэрэн тупсартаабыт. Саха сэбиэскэй литэрэтиирэтин төрүттээччи П.А. Ойуунускай, Саха АССР тэрийсибит М. К. Аммосов, ССКП Саха Уобалаһынааҕы кэмитиэтин I сэкэрэтээрэ Г.И. Чиряев итиэннэ бэйэтин мэтириэтин барельеф оҥорон, хомустарын тиэрбэһигэр сирэйдии олордон, үнүстүрүмүөн эстиэтикэтин тупсарарга дьулуспута. Үстүү-түөртүү туоннаах хомустары биир сүрүҥҥэ олордуу ньыматын тобулан таһаарбыта. Икки тыллаах, биһилэхтээх хомуһу тилиннэриигэ үлэлэспитэ. Ыстаалы, латууну, үрүҥ көмүһү, мельхиору дьүөрэлии тутан, хомуһун сирэйин кытыытыгар бэйэтин ураты оһуорун оҥо баттаан, икки ардыгар сардаҥалаах сулустары быһыта охсон киэргэтэн биэртэлээбит хомустара элбэхтэр. Охсубут хомустарыгар уус бэлиэтин «ЗК.» охсон хааллартаабыт. Кылыадьы толору кэллиэксийэтэ аан бастаан 1991 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт II Норуоттар икки ардыларынааҕы хомус муусукатын кэнгириэһигэр быыстапкаҕа туруоруллубуттара. Билигин «Саха хомустара» экэспэсииссийэ саалатыгар көрдөрүүгэ тураллар. Саха норуотун култуурата сайдыытын көрөөччүлэргэ сырдаталлар.
Бүлүү уустара Аан дойдуга аатыраллар. Чемчоев Р.Г.- Чөмчөө уус, Осипов П.Ф.-Төлөн уус, Гоголев Н.И.-Бычаа уус, Павлов И.Т.-Утум уус, Мальцев М.Н., Колодезников И.И.-Үрүҥ уус, Акимов И.И., Акимова С.И. о. д. а. – тус-туспа суоллаах-иистээх аатырбыт уустар. Кинилэр хас биирдиилэрэ «Сахаарап оскуолатын» курдук үтүө үгэһи сөргүтэн, уһуйуу оскуолатын тэрийэн, тимири үгэскэ олоҕурбут ньыманан охсууга, тимири уһаарыыга уһуйар кыахтаахтар.
Онон, айылҕаттан айдарыылаах, мындыр толкуйдаах, дьоһуннаах дьоҕурдаах, хомуһуннаах хомус охсооччу Иван Федорович Захаров – Кылыадьы уус саха хомуһун инники кэскилин түстээбит өлбөт-сүппэт үтүөтэ кэм-кэрдии эргииригэр бэриммэккэ өрөгөйдүү туруоҕа!
Слепцова Е. П. Хомус түмэлин электроннай базатын сүрүннүүр үлэһитэ,
06.03.2020