Кубулҕаттаах кулун тутар 6 күнүгэр саха хомуһун аар-саарга аатырдыбыт, өлбөт-сүппэт дьылҕалаабыт ытык киһибит, норуоппут киэн туттуута Иван Егорович Алексеев – Хомус Уйбаан 80 сааһын туолла. Онно туһаайан, Иван Егоровичтыын кэпсэттибит уонна урукку өттүгэр киэҥник биллибэтэх олоҕун түгэннэрин, бэйэтин сыанабылларын, ырытыыларын бу ыстатыйаҕа сырдатабыт.
Араҥаччылыыр күүс баарын итэҕэйэбин
Мин алталаахпар, 1947 сыллаахха, күһүн алтынньы ый саҥатыгар үрэх мууһа тоҥон эрдэҕинэ, хараҕа суох таайбын Сүөдэри кытары туулуу сылдьаммын, үрэх муустаах уутугар түспүтүм. Кыараҕас үрэх, үс-түөрт миэтэрэ кэтиттээх. Сыыра быстыбыт кытылга тураммын мууһу үөт тирэх маһынан тимирдэ сатыы туран, сыыһа баттааммын, арай ууга умса баран түстүм. Онно, дьиҥэр, өлөн хаалыахтаах эбиппин. Кыра оҕону дириҥ уу, муус анныгар даҕаны сүүрүк илдьэн кэбиһиэн сөп этэ. Таайым ол кэмҥэ мин ууга түспүппүн истибэт, эгэ көрүө дуо? Үрэхтэн тэйиччи лыыба кутар холбо оҥоро турбута. Дьэ онно ууга бэрт интэриэһинэй хартыынаны көрдүм, уолуйбут даҕаны, долгуйбут да санаа суох, уу аннынааҕы олоҕу, оргууй устан талбаарар мундулары дьиктиргээн көрөбүн. Икки мунду устан кэлэ охсон, муннубун таарыйаллар, кычыгылаталлар. Олору тутаары сыыһа-халты харбыалыы сыттым. Торбос ыстааным, тирии этэрбэһим ол икки ардыгар уунан туола охсон, мин атахтарым тимирэн барда, тыыным бүтэн харбыалаһан эрдэхпинэ, туох эрэ көхсүбүттэн өрө тардыбытын кэриэтэ күөрэйэн таҕыстым. Көрбүтүм — Аан ийэ дойдум барахсан бу мэндээрэн турар эбит! Онно биирдэ дьэ алдьархай буолбутун өйдөөн, оттон-мастан тардыһан, муустан тирэнэн, нэһиилэ оронон таҕыстым. Ону билигин саныыбын, ол кэмтэн ыла айыыларым, арыалдьыттарым күн бүгүнүгэр диэри миигин араҥаччылаан сылдьаллар диэн мин санаалаахпын. Тахсаммын таайбар “ууга түһэ сырыттым” диибин. Онуоха оҕонньор соһуйан хаһыытыы түһэн баран, ыстааммын сулбу баттаан, таһыйан куугунатта: “Бу ыраах сиргэ кэлэн баран, эн туох эрэ буоллаххына, манна иккиэн өлөрбүтүн өйдөөбөккүн!” — диир. Онон икки киһи көрөр хараҕа, кыһыҥҥы кыстыыр аһы булунар сүдү эппиэтинэс сүктэриллэ сылдьыбытын өйдөөбөтөхпөр таһыйбыта, билигин санаатахха, сөп даҕаны. Ол кэмтэн ылата эппиэтинэс диэни уонна араҥаччыһытым аттыбар баарын өйдөөбүтүм. Ол да иһин үйэм балачча уһаабыт буолуон сөп.
Куоласпын былдьаабыт уһун айан
Мин ийэм иккис кэргэниттэн үс бырааттаахпын. Эрдэ ахтан аһарбытым курдук, 6-с кылааска диэри мин таайым дьиэ кэргэнигэр иитиллибитим. Онтон бэттэх орто оскуоланы бүтэриэхпэр диэри ийэм ааҕы кытта олорбутум, Бүлүү түгэҕин, үрэх баһа сир оҕото бастаан утаа Эдьигээҥҥэ тиийэн баран, үгүс дьон тоҕуоруспут бөһүөлэгин, улуу эбэбитин, Өлүөнэни олус сөҕө-махтайа көрбүтүм. Онон олоҕум оҕо сааһа ааспыт Хотугу сири мин иккис төрүт түөлбэм кэриэтэ саныыбын.
Бүлүү, Эдьигээн былыр-былыргыттан сылдьыһар суоллаахтара. Ол суолунан Эдьигээҥҥэ таайдарбын кытта 1957 сыл олунньу 27 күнүгэр уһун айаҥҥа туруммуппут. Кыбыдьыгаантан, Кыргыдайтан ураты атын сири билбэтэх оҕо, ыраата баран эрэр оҕо санаарҕааһыным ханна барыай? Тэйдэр-тэйэн истэх ахсын ахтылҕаным ордук күүһүрэн иһэргэ дылыта. Санаабын аралдьыта сатаан буолуо, бука, сыарҕаҕа олорон, дойдум туһунан ырыалары, арыт тойук туойан айанныыбын. Кыргыдайга үөрэнэ сылдьан, учууталбыт С.А. Чабыков көҕүлээһининэн “Ньургун Боотур” олоҥхону толорбуппут. Онно, мин Айыы Умсуур удаҕан, Сорук Боллур уонна үс буолан бухатыырдар түмүктүүр ырыаларын толорсон турабын. Оччолорго балай даҕаны чаҕаархай куоластаах этим. Айаммыт устата бэйэтэ даҕаны олус киэҥэ суох репертуарым сотору соҕус баранан, кэлин матыыпка тыллары бэйэм айан ыллыыбын, арыт туойабын. Таайым аах туох даҕаны диэн бопсубаттар. Хас даҕаны күн ол курдук тохтоло суох наар ырыа аргыстаах айаннаатыбыт. Арай биир сарсыарда уһуктубутум, күөмэйим аһыйар. Онон ыллыырбын тохтоттум, кэлэр күннэргэ куолаһым сүттэр сүтэн барда. Биир устун тымныыга харыстаммакка ыллааммын быһыылаах, кулун тутар 11 күнүгэр Эдьигээҥҥэ кыайан саҥарбат оҕо тиийбитим. Ити кэмтэн бүгүҥҥэ диэри куолаһым кэһиэҕирбит кэриэтэ буолан сылдьар.
Арҕас уола уус хомуһун дьылҕата
Мин оҕо сааспар хараҕа суох таайым Сүөдэр дьиэ кэргэнигэр иитиллибитим. Таайым кэргэнэ Аана өлөн хаалаахтаабыта. Ол иһин кыайан ыал буолан олоруо суохпутун өйдөөн, мин төрөппүт ийэбэр, таайым балтыгар Эдьигээҥҥэ көһөр буолбуппут. Эдьигээннээри Кыбыдьыгаантан кэлэн, аймахтыы да буолбатарбыт ыкса-чугас дьоммутугар Кыргыдайга Матвеева Анастасия Иннокентьевна – Настаа Маппыайабаҕа холкуостаах эмээхсиҥҥэ түстүбүт. Ыраах айаннаары сылдьар киһини малбын-салбын тэрийэр, этэрбэспин абырахтыыр. Ол иистэнэ олорон, ииһин дьааһыгыттан сүүтүгүн буларбар соруста. Онуоха мин кыра баҕайы сүүтүгү көрдөөн хасыһа тураммын, кэриэс курдук илдьэ сылдьыбыт, ытык малын — хомуһу булан таһаардым. Оччолорго дьон хомуска оонньуурун аҕыйахта даҕаны буоллар истэн турабын, ол эрээри хаһан даҕаны тарда илик этим. Олус ымсыыраммын уонна оттон дойдубуттан ыраах көһөн бараары сылдьар киһи атаах санаам оонньоото быһыылаах, миэхэ бэлэхтииригэр көрдөспүтүм. Арҕас уола уус (Кыргыдай ууһа) хомуһа буоларын кылгастык кэпсии түһэн баран, оҥостон олорон, сыыйа тардыы мургунун иһитиннэрбитэ. Кырдьаҕас хомусчут, бука, хомуһун кытары ити курдук бырастыыласта быһыылааҕа. Дьэ, бу хомуһунан мин хомус тардыытыгар үөрэнэн, бастаан дьон иннигэр тахсыбытым. Кэнэҕэс, баҕар, тыл үөрэхтээҕэ буолар төлкөм тардан буолуо, оскуоланы бүтэрэн барарбар доҕорум Петр Саввич Иванов Эдуард Пекарскай үс туомнаах тылдьытын бэлэхтээбитэ. Киниэхэ даҕаны ол бэрт күндү мал эбит этэ. Онуоха босхо ылыахпын кэрэйэн, оччотооҕу оҕо туох баайдаах буолуомуй, баар-суох малбын Арҕас уола уус охсубут хомуһун, хараһыйдарбын даҕаны, киниэхэ харда бэлэх быһыытынан хаалларбытым. Сити курдук маҥнайгы хомуһум Эдьигээҥҥэ хаалбыта.
Ол хомуһу кытары кэлин мин өссө биирдэ алтыһан ааспыттааҕым. Ол маннык этэ. Хомус киһиэхэ ытык мал тэҥэ, сыстар киһитигэр сыстар, доҕордоһор киһитиниин доҕордоһор. Петр Саввичка бу хомус олус өр тохтооботох этэ. Оскуолаҕа хайа эрэ оҕоҕо уларсыбыта сүтэн хаалбыта. Төһө эрэ кэм буолан баран, Чурапчыттан сэрии саҕана көһөн кэлэн баран олохсуйа хаалбыт, оскуолаҕа атынан уу баһар Охонооһой Сахаарап оҕолор оонньоон баран сүтэрбит хомустарын булан, кыыһыгар Анфиса Башаринаҕа биэрбит. Анфисалыын бу хомус балай да кэм доҕордоспут, кэлин ыал буолан, Сангаарга ананан үлэлии барарыгар бу хомуһун илдьэ тиийбит. Анфиса Кэбээйи биллэр хомусчутугар Анна Золотореваҕа, идэлээх киһиэхэ диэн, бу хомуһун бэлэхтээбит. Ону Анна 1974 сыллаахха куоракка эмтэнэ кэлэ сылдьан, миигин булан, бу хомуһу төнүннэриэн баҕарарын туһунан эппитэ. Мин өр көрсүбэтэх күндү доҕорбун, С.И. Гоголевка – Амынньыкы ууска хомус оҥотторон, Анна Золотореваттан атастаһан ылбытым. Ити кэмҥэ Хомус түмэлэ уонна киинэ соторутааҕыта аһыллыбыт кэмэ буолан, пуонданы байытыыга диэн анаан, Арҕас уола уус хомуһун эспэнээт быһыытынан бэйэм тус кэллиэксийэбэр эбии бэлэхтээбитим. 1993 сыллаахха Түмэл иһиттэн үс хомуһу уоран тураллар. Ол үс хомус иһигэр мин бастакы хомуһум барсаахтаабыта.
Өсөһүннэрэн үөрэтии
1952-1953 сыллар эргин биирдэ араадьыйаҕа хомус тыаһын иһиттим. Толорооччу тардыыта миигин улам ыллар ылан, дууһам кылларын таарыйталаан, олус умсугуйан, долгуйан туран иһиттим. Хомусчут кэнниттэн С.А. Зверев-Кыыл уолун “Сарсын-сарсын сарсыарда” тойуга иһилиннэ. Кэнники анаан кэтэһэн истибитим, ол хомусчутум аата Лука Николаевич Турнин диэн эбит. Кэнэҕэс араадьыйаҕа толоруута кэлэрин анаан кэтэһэр буоллум, тартаҕына тугун барытын иҥэринэ сатыыр кэриэтэ умсугуйан туран истэ сатыыбын. Кини хомуска муусуката, миигин оччолорго долгутан, эппин-хааммын аһан, мин хомусчут буоларбар уйулҕабын уһугуннарбыта, суолбун аспыта диэн этиэх тустаахпын. Лука Николаевич, төһө даҕаны лаппа аҕа буоллар, биир кэм дьонноро этибит. Ол да буоллар, биир даҕаны түгэҥҥэ түптээн олорон кэпсэппэтэхпит, онон, мин кини кэтэхтэн үөрэнээччитэбин. Биир-икки түгэҥҥэ дьон көрүһүннэрэ сатаабыта даҕаны, ол кыайан табыллыбатаҕа. Онтон биир түгэни аҕыннахха, Тааттаҕа тахса сылдьыы буолбута. Онно мин хомус туһунан дакылаат аахтым. Тэрээһиммит кэнниттэн мустубут дьону ыҥыран аһаттылар. Лука Николаевич мин дакылааппын күнүс истибит эбит. Оҕонньорум улахан ырытыыта суох миигин дэлби мөхтө. Тардыым чааһын лаппа соҕус хаарыйда. Миэхэ, эдэр киһиэхэ, ураты, ол барыта үөрэх этэ. Былыр оҕону өсөһүннэрэн эмиэ үөрэтэллэрэ, сахаҕа. Биири санаан кэлэбин, оччолорго хомус кэнэҕэскитигэр, бүгүҥҥү ситиһиилэргэ тиийиэҕэр, көдьүүстээх буолар суолбун ким даҕаны сэрэйэн көрбөтөх буолуохтаах. Эдэр санаабар, Тааттаҕа Улуу Хомусчут сэмэлээбитигэр өһүргэннэҕим. Ытыктыыр киһим, миэхэ хомус туһугар туруулаһарбар, үтүө дьыала иһин өһөс буолуу күүһүн иҥэрбит, күөттээбит эбит ол киэһэ. Баҕар, ити түгэнтэн сиэттэрэн, хомус устуоруйатыгар суолталаах дьон буолбуппут эбитэ дуу диэн эмиэ саныыбын.
Фредерик Крейн хомус сайдыытыгар суолтата
1986 сыллаахха Фредерик Крейн диэн киһини кытары суруйсан билистибит. Кини оччолорго хомуска I конгресс-фестивалы Америкаҕа Айова-Сити куоракка тэрийэн ыыппыт этэ. Суруйсуубут ис хоһоонугар хомуска интэриэстэрбитин үллэстэн истэхпит ахсын, уопсай көрүүбүт дириҥээн истэ. Ити кэмҥэ Михаил Горбачев норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыаҥҥа “ириэрии” бэлиитикэтэ сатыылаан турар кэмэ этэ. Ол чэрчитинэн, бүтүн Сойуустан хомуллан, 1988 сыллаахха Америкаҕа СССР улахан дэлэгээссийэтэ фестивальга кыттар буолла. Ол иһигэр киирсэммин үөрүүм сүҥкэн. Ордук икки сыл устата суруйсубут Фредерик Крейммын көрсөрбүттэн үөрэбин. “Боинг” сөмөлүөт толору дэлэгээссийэ хомуллан, Вашингтоҥҥа тиийдибит. Олус дьоһун тэрээһин буолла. Бу тиийэ сылдьан, аан бастаан Фредерик Крейни кытта сирэй көрсөн билистим, өссө хомусчуттары Майк Сигери, Леонард Фоксу, учуонай Манжори Балзеры кытары билистим. Онон хомус боппуруоһа фестиваль иһинээҕи туһунан хайысха кэриэтэ буолла. Сүбэ мунньах, кэпсэтии бөҕөтө төрүттэннэ. Бу манна миэхэ Эдуард Ефимович Алексеев (СССР) наһаа улаханнык көмөлөспүтэ. Үгүс суолталаах кэпсэтиилэрбэр тэҥҥэ сылдьыһан, Саха сиригэр Хомус II Кэнгириэһин-бэстибээлин тэрийэр туһунан кэпсэтиһэн кэлбиппит. Бу көрсүһүүгэ Фредерик Крейн улахан тус кэллиэксийэлээҕин кэпсээбитэ уонна өссө кэлин бэлэхтиэн баҕарарын туһунан быктарбыта. Ол онон хаалбыта. Мантан инньэ суруйсуубут ис хоһооно Кэҥгириэһи тэрийии туһунан этэ. 1990 сыллаахха Дьокуускай дэлэгээссийэтэ Аляскаҕа барар буолла. Дэлэгээссийэҕэ мин ыҥырыллан кыттыыны ыллым. Аляскаҕа түспүт ыалым дьиэтээҕи төлөпүөнүттэн 1991 сыл буолуохтаах II Кэнгириэс-бэстибээл үлэтин былаанын Крейнниин кэпсэтэн, сүрүн сүнньүн оҥорон кэлбитим. Дьэ, чахчы даҕаны дьоһун, устуоруйаҕа хаалар түгэни мин үтүө доҕорбун кытта торумнаабыт этибит. Билигин санаатахха, Аан дойду хомус култууралаах норуоттарын бастакы уонна биир саамай улахан суолталаах түмсүүлэрэ буолбута. Манна Аан дойду хомусчуттарын уопсастыбата торумнаммыта, көһө сылдьар Кэнгириэс-бэстибээл балаһыанньата олохсуйбута. Аан дойду виртуоз-хомусчуттарын бастакы састаабын талбыппыт. Мин бу тэрээһини сомоҕолоһуу муҥутуур холобура этэ диэн сыаналыыбын.
Фредерик Крейн кэлэ сылдьан, судаарыстыбаттан тирэхтээх хомуска түмэл тэриллибитин, салалта хомус муусукатыгар, сайдыытыгар суолта уурарын, уһаныы, толоруу үгэстэрэ тыыннаахтарын улаханнык сыаналаан барбыта. Ол да иһин 2006 сыллаахха Амстердамҥа буолбут V Кэнгириэс-бэстибээл секционнай үлэтигэр Фредерик Крейн тус кэллиэксийэтин Саха сиригэр биэрэрин аһаҕастык иһитиннэрбитэ. Түмэл уонна киин дириэктэрэ Николай Шишигин, Аан дойду виртуоз-хомусчута Спиридон Шишигин, мин буоламмыт 2009 сыллаахха Айова-Сити куораттан көһөрөн аҕалбыппыт. Бу 600 кэриҥэ кэллиэксийэ иһигэр Европа норуоттарын XIV үйэтээҕи хомустара эмиэ бааллара.
Биһиги арай 1986 сыллаахха Фредерик Крейнниин билсибэтэхпит буоллар, хомус дьылҕата, сайдыыта хайдах салаллыа эбитэй?! Бүгүҥҥү күн ситиһиилэригэр, бука, тиийиэхпит суоҕа эбитэ буолуо. Норуоттар хомустарын улуу чинчиһитэ Фредерик Крейнниин билсиһиибин мин олоҕум биир саамай суолталаах түгэнинэн сыаналыыбын.
Үөрэнээччилэрдээх буолуум — дьолум
Миигин дьон-сэргэ хомусчут быһыытынан истэн билэр, ол эрэн мин үйэм тухары учууталбын. Бу идэбин хомуска эмиэ киэҥник туһаммытым. 1962 сыллаахтан “Алгыс” ансаамбыл диэни төрүттүөхпүттэн элбэх хомусчут бу кэллэктиип иһинэн ааспыта. Элбэх сүүмэрдээһин, үгүс сыллаах көрдөөһүн түмүгэр ураты дорҕооннору Спиридон Шишигин, Александр Пахомов, Анатолий Гоголев, Петр Оготоев, Николай Жирков, Римма Жиркова, Лидия Попова, Альбина Дегтярева, Георгий Иванов тардыыларыгар буламмыт, сүрүн састаап олоҕурбута. Хомус сайдыытыгар ансаамбылынан толорууга бу кэллэктиип толорор майгыта саҥа суолу тэлбитэ. Алма Кунанбаева диэн музыковед 1980-с сылларга “Легенда о хомусе” ыстатыйата тахсыбыта. Онно “7 киһи тус-туспа тональнастаах хомустары сөпкө сүрүннээн, дорҕоону алтыһыннаран, уустук муусука айымньытын үөскэтэллэр” диэн суруйбуттаах. “Алгыс” биир бастакынан европейскай нота систиэмэтинэн буолбакка, уопсай Азия музыкальнай системата — пентатоникаҕа олоҕурбуппут хомус дьиҥ аналын, муусукатын уратытын, кыаҕын арыйбыппыт этиллибитэ. “Алгыс” ансаамбыл, билигин дьон ортотугар төһө даҕаны аҕыйахтык көһүннэр, хомус эйгэтиттэн ханна да барбакка, олохторун хомуска анаатылар, хомус сайдыытыгар кынат буолан, суолтатын үрдэтэ сылдьалларыгар махтанабын. Мин билигин “Алгыс” ансаамбылым толоруутун тойугун салгыытын Уус Алдан “Кэскил” бастыҥ кэллэктиипкэ, Иванида Бугулова “Эйээр”, Айаал Дмитриев “Хомусчаан” ансаамбылларыгар истэбин.
Сайдыы суола муҥура суох…
Күн бүгүн биһиги кэллиэксийэ түмэл уонна киин буолабыт. Отут ордугуна биир сыл анараа өттүгэр төрүттэммит түмэл Аан дойду кэллиэксийэ түмэллэрин кэккэтигэр киириитин өссө К. Д. Уткин – Нүһүлгэнниин ситиһэн турабыт. ICOM диэн ааттаах ЮНЕСКО эгиидэтинэн үлэлиир тэрилтэ харысхал испииһэгэр киирбиппит ону мэктиэлиир. Биһиги түмэлбит кэллиэксийэ түмэл быһыытынан бу сыллар усталарыгар Аан дойду атын түмэллэриттэн ордук баайдаах, үгүс киһи болҕомтотун тардар кыахтаах тэрилтэ буола үүннэ.
Бастакытынан, бу тэрил муусуката сүппэтин хааччыйдыбыт.
Иккиһинэн, хомус муусукатын хаачыстыбатын, хомус суолтатын Аан дойду таһымыгар үрдэттибит.
Үсүһүнэн, хомус муусуката араастааҕын, хас биирдии норуот толоруута уратылаһарын анаан быһааран, өйдөтөн биэрдибит.
Манна тиэбир суолтатын эбии быһаарыахпын баҕарабын. Хас биирдии норуокка ол ураты. Холобур, Кыргыз хомусчута атын тиэмбирдээх хомуска оонньуо суоҕа. Австриецтарыҥ, норвежецтарыҥ, французтарыҥ о.д.а. бары биир оннуктар. Онон хас биирдии норуот тустаах бэйэтин тиэмбирин, муусукатын буларын, таһаарарын өйдөттүбүт. Мантан сиэттэрэн, ХХ үйэ саҥатыгар А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй айбыт “Хомус” хоһоонугар этиллэр философскай хайысхалары сүнньүнэн олоххо киллэрдибит. Сайдыы суола муҥура суох, ону арааран ыйдаҥардыах иннинэ биири этиэм этэ. Бу сыллар усталарын тухары ситиһиллибит кирбиини мүччү тутуо суохтаахпыт!
Билигин Аан дойдуга биһиги Түмэлбит курдук таһымнаах, сайдыылаах, баайдаах тэрилтэ суох. Бу ситиһиилээх үлэбит түмүгүн көрдөрөр. Онно эбии атын дойдуларга омуктар бэйэлэрин хомустарын үөрэтэр кииннэр баар буолалларыгар күүс-көмө, сүбэ буолабыт. Биир кэлимник атын норуоттар сайдан бардахтарына, хомус эйгэтэ сыыйа үрдүк таһымҥа, сайдыы саҥа кирбиитигэр атыллыаҕа.
Оттон тугу ситиһэ иликпитий? Манна тустаан этиэхпин баҕарабын: бэйэбит хомуспут тиэмбирин таба туттубут диирбит өссө даҕаны эрдэ. Ааспыт сыллар усталарыгар толоруу чааһын кыайа туттубут, бэл Аан дойду норуоттара үтүктэр түгэннэрэ кытары көстөр. Хомуспут муусукатын арааран өйдүүргэ, чинчийиибит билигин биһиэхэ ситэтэ суох. Онон чинчийэр үлэ олоҕуран истэҕин ахсын, хомус ураты сахалыы тиэбирин олохсутар дьулуурбут күүһүрүөхтээх. Оччоҕо саха этигэн хомуһун кистэлэҥэ арыллан иһиэҕэ. Саха култууратыгар хомус хаһан да сүппэт-оспот анала кэлиэҕэ.
Дмитрий Бястинов