Сыаната биллибэт кэллиэксийэ
Хомус муһуойун бирэсидьиэнэ Алексеев И.Е. Фредерик Крейни кытта 1985 сылтан ыла суруйсубут. Аан дойдуга хомус сайдар саҕахтарын торумнаспыттар. Бастаан 1988 сыллаахха Вашингтон куоракка көрсүспүттэр. Иван Егорович этэринии, Майк Сигери, Леонард Фоксы о да а. биллэр муусукааннары кытта «кыра кэнгириэс оҕотун» тэрийбиттэр. Ити көрсүһүүгэ Фредерик Крейн кэллиэксийэтин сорҕотун Хомус Уйбааҥҥа көрдөрбүт уонна «саха хомуһа барыларыттан бастыҥ» диэн тоһоҕолоон бэлиэтээбит. Өссө аһары баран, Амынньыкы Уус охсубут хомуһа «улуу Страдивари скрипкатыныы этигэн» диэн соһуппут. Ити курдук өр сыллаах истиҥ доҕордоһуу саҕаламмыт.
2009 сыллаахха сэтинньи 16 күнүгэр Алексеев Иван Егорович, Шишигин Николай Спиридонович, Шишигин Спиридон Спиридонович буоланнар Эмиэрикэ Плезент куоратыгар олохтоох учуонай Фредерик Крейн кэллиэксийэтин Саха сиригэр аҕалар сыаллаах-соруктаах айаҥҥа туруммуттар. Ыраах айан буолан, хас биирдии күннэрэ эрдэттэн аттарыллан, Эмиэрикэ киин куораттарынан сылдьарга, кэскиллээх былааннары оҥорорго сорук туруоруммуттар. Эмиэрикэ киин куораттарынан сылдьан, араас таһымнаах дьыалабыай кэпсэтиилэри, 2011 сыллаахха Дьокуускай куоракка ыытыллыахтаах VII кэнгириэс туһунан сүбэлэһиилэри ыытарга сүбэлэспиттэр.
Акыйаан уҥуор айан ороскуотун үксүн успуонсардар уйуммуттар: «Якутия» Национальной авиахампаанньа Генеральнай дириэктэрэ Простит Иван Алексеевич, ГУП «Телевидение уонна араадьыйа техническэй киинэ» генеральнай дириэктэрэ Борисов Александр Ильич улахан көмөнү оҥорбуттар. Билим уонна профессиональнай-техническэй үөрэхтээһин (дириэктэр Пахомов А.А.), Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы холбоһуктаах муһуой (дириэктэр Шишигин Е.С.), Хомус муһуойун кэллэктиибэ, онтон да атын тэрилтэлэр, биирдиилээн дьоннор, хомус пропагандистара көмөлөспүттэрин туһунан оччотооҕуга кылаабынай бухгалтерынан үлэлээбит Августа Петровна Макарова истиҥник ахтар.
Айанньыттар Эмиэрикэҕэ сэтинньи 22 күнүгэр тиийбиттэр. Бостон куоракка олохтоох этномузыколог, ускуустуба дуоктара Эдуард Ефимович Алексеев көмөтүнэн Гарвард үнүбэрситиэтин устуудьуйатыгар хомуска толорууларын уһултарбыттар. Нуучча-эмиэрикэ кулуубугар тустаах дьону кытта анаан-минээн көрсүһүүгэ кыттыбыттар. Арбугаева Е.Н. сирдээн, Нью-Йорк куорат кэрэ миэстэлэрин кэрийбиттэр. Сэтинньи 26-28 күннэригэр Вашингтон куорат устун Марджори Балзер илдьэ сылдьыбыт. Кини Эмиэрикэ сиригэр сылдьарга визаттан саҕалаан, оптуобус билиэтигэр тиийэ боппуруостары быһаарсарга көмөлөспүт. Сэтинньи 29 күнүгэр Чикаго куораттан турунан баран, ахсынньы 3 күнүгэр Плезент куоракка, Фредерик Крейҥҥэ тиийбиттэр. Ахсынньы 3-4 күннэригэр Амстердамынан (Голландия) эргийэн, ахсынньы 4 күнүгэр Москва куоракка кэлбиттэр. Онтон Дьокуускайы ахсынньы 5 күнүгэр булбуттар. Дьэ ити курдук киэҥ сиринэн тэлэһийэн, сырыы бөҕөнү сырыыланан, араас дойдуну уҥуордаан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах дойдуларын этэҥҥэ булбуттар.
Сырыы-айан араастаах буолар дииллэринии, айанньыттар суолга моһуогура сылдьыбыттар. Ол туһунан «Якутск вечерний» хаһыат ахсынньы ый 11 күнүнээҕи нүөмэригэр кэрэспэндьиэн Ксения Эверест «Хомусы весом в сто килограммов прибыли в Якутск» ыстатыйатыгар Шишигин Н.С. интервью биэрбит: “Без приключений не обошлось. Мы летели с четырьмя пересадками из США. Упаковали хомусы в один большой чемодан и раскидали часть по своим сумкам. Риск, конечно, был. В порту Шереметьево мы не досчитались одного чемодана. Он застрял в Амстердаме, поэтому Спиридону Шишигину пришлось задержаться. Только во втроник утром он прибыл вместе с отставшим чемоданом в Якутск». Ол эрээри сырыы-айан табыллан, Дьокуускайы этэҥҥэ булбуттар.
Фредерик Крейн кэллиэксийэтэ кэлбитин туһунан Өрөспүүбүлүкэ киин хаһыаттарыгар барыларыгар кэриэтэ сырдатыллыбыт. «Кыым» хаһыат №48 (10.12.2009), Василина Попова «Эмиэрикэттэн – сүдү бэлэх», “Наше время” №49 (11-17.12.2009), Надежда Ефимова «Научим Обаму играть на варгане», “Якутия” (2009) Күннэй Еремеева “Старинные варганы из-за океана – в дар Музею хомуса”, “Она+” №49 (11.12.2009) Елена Птицына «Хомус: миссия выполнена», “Якутия” бортовой сурунаал №2 (олунньу 2010) Алена Чайка “Сварганим” о да а. ыстатыйалары булан ааҕыаххытын сөп.
Николай Спиридонович Ил хомус сайтыгар таһаартарбыт иһитиннэриитигэр Алексеев Эдуард Ефимовичка, Жаргал Соловьевка, Фредерик Крейн дьиэ кэргэттэригэр көмөлөрүн иһин ис сүрэҕиттэн махтаммыт суругар маннык суруллар: “Выражаем глубокую благодарность Постоянному Представительству Республики Саха (Якутия) при Президенте Российской Федерации (Акимов А.К.) за постоянную поддержку, внимательное отношение к проблемам прибывающих в Москву якутян! Без их участие и постоянной поддержки было бы очень трудно решать различные возникающие вопросы”. Ити курдук ханна даҕаны сырытталлар биир дойдулаахтара бөҕө тирэх, сүбэһит буолан, сырыы-айан табыллан испит.
2006 сыллаахха Амстердамҥа (Голландия) ыытыллыбыт V Норуоттар икки ардыларынааҕы хомус Кэнгириэһигэр Фредерик Крейн хомуһун кэллиэксийэтин Саха сиригэр баар судаарыстыба таһымыгар өйөнүллэр Хомус муһуойугар бэлэхтиирин туһунан эппит. 2009 сыллаахха ахсынньы 1 күнүнээҕи № 001/1 дуогабарга кэллиэксийэтиттэн 529 хомуһу Хомус муһуойугар бэлэхтиирин туһунан илии баттаспыттар. Докумуон научнай пуондаҕа хараллан сытар. Испииһэккэ 524 араас дойду хомуһа, 5 илиинэн оҥоһуллубут биридимиэт киллэриллибит. Мантан 38 түҥ былыргы хомус араас омук дойдуттан булуллубут. 700-800 сыл анараа өттүгэр охсуллубут хомустар киһи болҕомтотун тардаллар. Саамай былыргылара 13 үйэҕэ оҥоһуллубут диэн дакаастанан турар.
Кэллиэксийэҕэ 18 саха хомуһа баар. Ааспыт үйэ 80-90-с сылларыгар Гоголев Николай Петрович (Уус-Алдан), Захаров Иван Федорович – Кылыадьы Уус (Бүлүү), Павлов Тимофей Дмитриевич — Түмээ Уус (Бүлүү), Чемчоев Реворий Гаврильевич — Чөмчөө Уус (Бүлүү), Христофоров Иван Ильич – Кириһээн Уус (Халаҥас), Гоголев Владимир Семенович (Мэҥэ Хаҥалас), Павлов Иван Тимофеевич – Утум Уус (Бүлүү), Колодезников Иван Кононович-Үрүҥ Уус (Бүлүү), Михайлов Павел Николаевич (Дьокуускай), Готовцев Роман Ильич – Мындыр Уус (Дьокуускай) биэрбиттэр.
Кэллиэксийэ сорох хомустара (66 хомус) эһиилигэр, 2010 сыллаахха муус устар 8 күнүгэр Хомус муһуойун бирэсидьиэнэ Алексеев Иван Егорович аатыгар норуоттар икки ардыларынааҕы буостанан кэлбит. Ону туоһулуур докумуон научнай пуондаҕа баар. Онон, кэллиэксийэ сиэрэ ситэн, 595 ахсаанынан Хомус муһуойун биир саалатыгар үйэ-саас тухары көрдөрүүгэ турар. Сыаната биллибэт кэллиэксийэ хомус устуоруйатын үйэ-саас тухары кэрэһэлии туруоҕа.
2007 сыллаахха Фредерик Крейн кэллиэксийэтин туһунан чинчийиилэрин “JOURNAL OF THE INTERNAIONAL JEW’S HARP SOCIETY” (ЖУРНАЛ МЕЖДУНАРОДНОГО ОБЩЕСТВА ВАРГАНА) сурунаал 4 нүөмэригэр «Каталог коллекции Ф. Крейна, часть 2 – Азия и близлежащие острова» аатынан ыстатыйата бэчээттэммит. Ыстатыйаҕа сурулларынан, 1991 сыллаахха Саха сиригэр ыытыллыбыт II Норуоттар икки ардыларынааҕы кэнгириэскэ кэлэ сылдьан, Бүлүү куоратыгар Захаров Иван Федорович мастарыскыайыгар саха хомуһун охсорун көрбүт. Кылыадьы Уус хомус куорпуһун ыстаал тимиртэн токурутан оҥорбут. Илии эрбиитин быһан тыллаабыт. Хомуһун сарсыҥҥы сарсыардатыгар бүтэрбит. Бэс ыйын 22 күнүгэр бэлэх быһыытынан туттарбыта диэн ыйын-күнүн ыйан туран суруйбут. Христофоров Иван Ильич хомуһун сирэйигэр үс сэргэ ойуулаах, ортото ат төбөлөөх, аллараа өттүгэр «Саха сирэ» диэн суруктаах, Мольн куоракка 1998 сыллаахха бэс ыйыгар атыыласпытым диэн бэлиэтээбит. Хатаалакка киллэриллибит саха хомустарын барытын хаһан, хантан, кимтэн ылбытын, атыыласпытын, бэлэхтэппитин барытын сиһилии суруйан үйэтиппит. Фредерик Крейн сурунаалларын 2004, 2005, 2006, 2007 сыллаах таһаарыылара Хомус муһуойун научнай пуондатыгар хараллан сыталлар. Бу сурунааллартан хомус устуоруйатын туһунан сиһилии билсиэххэ сөп.
Муһуойга киирбит мал бастаан учуокка ылыллар. Ити кэннэ хас биирдии биридимиэккэ тустаах нүөмэр иҥэриллэр. Ити унньуктаах уһун үлэни научнай пуонда сүрүн үлэһитэ Варламова Елизавета Егоровна оҥорбут. Фредерик Крейн кэллиэксийэ 7282-7926 нүөмэрдэринэн Сүрүн кинигэҕэ киллэриллибит. Хас биирдии хомуска Хомус муһуойун тустаах нүөмэрэ туруоруллубут. Ол аата Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун баайын быһыытынан судаарыстыба хонтуруолугар ылыллыбыт.
Билиҥҥи туругунан Фредерик Крейн кэллиэксийэтин хас биирдии хомуһа хайа дойдуттан, хас сыллаахха көстүбүтэ, ким бэлэхтээбитэ, кээмэйэ, устуоруйата барыта докумуоннанан бүппүтэ. Хас биирдии хомуска научнай, инвентарнай пааспар оҥоһуллубута. 2018 сыллаахха Бэдэрээлинэй Судаарыстыба хатаалагар учуокка киллэриллибитэ. Онон хас биирдии бэридимиэккэ бэдэрээлинэй нүөмэр иҥэриллибитэ. Онон, кэллиэксийэ хас биирдии биридимиэтэ Арассыыйа судаарыстыбатын быраабынан көмүскэнэр уонна хонтуруолланар кыахтанна. Бу сылларга «Фредерик Крейн кэллиэксийэтэ» диэн ааттаах туспа хатаалах оҥоһуллара былааннанар. Ол эрээри, кэллиэксийэни билим таһымынан чинчийии үлэтэ инники турар. Ону бириэмэ бэйэтэ көрдөрөн иһиэҕэ.
Слепцова Е.П., Хомус муһуойун билим пуондатын электроннай базатын хаҥатыыга үлэлиир эрэдээктэр